Перевод с якутского
хомуур
аат тыл
Нууччалыы уборка урожая сена, хлебов
Ис хоһооно · 7
1 аат тыл #
Оту, бурдугу хомуйуу үлэтэ
Нууччалыы Уборка урожая сена, хлебов
Сопхуос салалтата быйыл от хомуурун эрдэ бүтэрэргэ саамай сөпкө ылсыста. П. Аввакумов Итиниэхэ ахтан ааһыахха наада, -- бурдук ыһыыта, хомуура үксүн көлө күүһүнэн ыытылларын П. Егоров
2 аат тыл #
Туох эмэ наадаҕа хомуллар үп-харчы, түһээн
Нууччалыы Сбор средств, взимаемый или собираемый на что-л., поборы
Оттон били быһаас биир мөһөөгү нэһилиэктэн хомуурунан тардан биэрбит нууччабыт буолбат дуо? А. Софронов Былыргы үйэтээҕи араспыыскалар дэлби тыытыллыбыттара да баар, ол-бу хомуурга туппут эт, бурдук битээнсийэлэрэ да баар.
КүндэКинигэ атыытын, килиэби астааһын паай үбүн хомуурун кээпирээссийэҕэ чилиэни тардыы -- уонна барыһы ылыы былааннара бары аһары түстүлэр Кыым
3 аат тыл #
Байыаннай сулууспаҕа дьону түмэ тардыы, ыҥырыы
Нууччалыы Призыв на военную службу, мобилизация
Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии саҕаламмыта. Иван Максимович бастакы хомуурга бэбиэскэ тутан, am үрдүгэр баар буола түспүтэ. Н. Босиков [Холкуос бэрэссэдээтэлэ Иван Харайдаанап] маҥнайгы хомуурга көҥүл өттүнэн боруоҥҥа бараары көрдөспүтүн оройуон салалтата сөбүлэспэтэҕэ ХС
4 аат тыл #
Туох эмэ наадалааҕы көрдөөн булан мунньуу
Нууччалыы Собрание, коллекция чего-л., изыскания
Зубрилов политсыылынай П. А. Орловтуун Дьокуускай уокуругун хас да улуустарыгар бастакы геологическай хомуурдарын ыыппыта ВПВ НОС
5 аат тыл #
Суруллубут үлэлэр, айымньылар хомуурунньуктара
Нууччалыы Сборник трудов, произведений
Саха норуотун таабырыннара түмүллэн биир хомуурунан тахса иликтэр. Саха фольк П. А. Ойуунускайы уонна А. Е. Кулаковскайы кэриэстээһиҥҥэ аналлаах ыстатыйалар хомуурдара суруллубут майгыларынан эмиэ ити уочаркаларга уруулуулар СГС СЛКСБ
6 этии #
Хомуур суолта тыл үөр. –атылыы барымталары (предметтэри) түмэр, биир сомоҕо өйдөбүлү бэлиэтиир суолта ааһыннар, аат тыл суолталанан, дьон бөлөҕүн бэлиэтиир буоллахтарына, элбэх ахсааннара, кыһыллар, үрүҥнэр диэбит курдук, хомуур суолталанар. ПНЕ СТ. Арыт хомуур суолталаан -т сыһыарыы туттуллар, син сахалыы тойон, хотун диир курдук. АНК БТТ
Нууччалыы Значение, выражающее трактовку некоторого множества как целостной (собирательной) совокупности однородных предметов, собирательное значение
7 аат тыл #
Ким, туох эмэ атаҕын ылан уурарын, хамнатарын түргэнэ
Нууччалыы Быстрота, скорость смены ног кого-л. при ходьбе, быстрота передвижения ногами животных
Сүүрүк am хас ойдоҕун аайы олуга кэҥээн, хомуура түргэтээн иһээччи. И. Артамонов Төһө да киэҥ олуктаах сүүрүк хомуура бытаан буоллаҕына, кыра олуктаах, түргэн хомуурдаах сүүрүккэ хотторуон эмиэ сөп И. Федосеев