Перевод с якутского
хонук
аат тыл
Нууччалыы сутки
English day
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Нууччалыы сутки
English day (calendar day, 24-hour period)
биэс хонук ааста ушло пять днейit took five days нэдиэлэ хонуга день неделиday of the week
2 аат тыл #
Нууччалыы ночёвка
English overnight stay
хонук дьиэ дом для ночлегаovernight house хонук ас обед, ужинdinner, supper
3 аат тыл #
Түүннээх күн, төгүрүк суукка
Нууччалыы Сутки. Маныыһыппытын аҕыйах хонукка бурдук үлэтигэр ылбыттара. М. Доҕордуурап. Иккис хонуктарыттан үс түүннээх күнү быһа самыыр түстэ. Н. Павлов. Ол бирикээс туолуута баара эрэ аҕыс хонук хаалла. Эрилик Эристиин
4 аат тыл #
Хонор, утуйар кэм, эбэтэр хонор сир
Нууччалыы Ночлег, а также место для ночёвки
Сатыы үс-түөрт көстөөх сиргэ хонукпар тиийэр инибин. Аҕата дьиэтигэр олорбот, күнү быһа үлэҕэ сылдьар, киэһэ хонугар эрэ кэлэр. Т. Сметанин Уот ыла барбыт тэҥэ хонук хоноот төннүбүт Чолбон
5 этии #
Этиилэр
Хонуга ааҕыллыбыт (ааҕыллан сытар)
күнэ (күнэ-дьыла) ааҕыллыбыт диэн курдук (көр ааҕылын).
Аччыктаан, хоргуйан, ону тэҥэ ыалдьан элбэх киһи өлбүтүн, хас да киһи мөлтөх туруктааҕын, хонуктара ааҕыллан сыталларын туһунан кэпсэтэ олордулар. "Чолбон". Ср. ДТС хонаҕ ‘место отдыха, остановки’, тув. конук ‘ночевка’, алт. конок ‘сутки, день’