ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хооҥку

аат тыл

Нууччалыы лёд, из-под которого ушла вода в озёрах, реках

аат тыл

Өрүскэ, күөлгэ анныгар уута суох муус

Нууччалыы Лёд, из-под которого ушла вода в озёрах, реках

  • Таас үрэх кылыгырас ыраас уута халыҥ хооҥку аннынан холлугуруу сүүрдэр бүтэҥи тыаһа иһиллэр.
    В. Миронов
  • [Силипиэн] хааман иһэн атаҕар мас туора охсуллубутуттан иҥнэн хооҥкуга уу килэйэ сытарыгар, харытын ортотугар диэри тайана түстэ. "Кыым". Уута суох муус хооҥку улахан массыыналары уйар кыаҕа суох.
    ХС
  • Ср. бур. хонги ‘дупло (дерева)’

«Х» буукуба