Перевод с якутского
хоруотаа
туохтуур
Нууччалыы делать чёрным, чернить сажей
1 туохтуур #
Тугу эмэ хоруонан, көмөрүнэн, чоҕунан сотон хараарт
Нууччалыы Делать чёрным, чернить сажей
Төрдүс түүнүгэр сирэйгин хоруотаан, баттаххын арбатан баран, утуйуох тустааххын. Н. Павлов Сарыыны хоруотаа ЯРС
2 туохтуур #
Улаатан, ордук харааран көстөр сириннэн, синньээ (төрүүрэ чугаһаабыт биэни этэргэ)
Нууччалыы Становиться чернее, крупнее (о вымени у кобылицы – признак скорого её выжереба)
Муус устар ыйга хоруотаан эрэр биэлэрин мунньан барыларын аһылыкка туруордулар. В. Протодьяконов Уһуннук, олохтоохтук хоруотаан төрөөбүт биэлэр оҕолоро чэгиэн-чэбдик буолааччылар. Сылгыһыт с
3 туохтуур #
Ким эмэ буруйун, аньыытын-харатын саралаан күүскэ саҥар
Нууччалыы Разоблачать, чернить кого-л
Дьэ дьиибэ, арахсыбыт дьахтар, наар бэйэтин үчүгэйин кылбатар кыһалҕатыгар түһүөн, эрин хайа кыалларынан араастаан хоруотаан кэпсиэн сөп эбит. Софр. Данилов. Мин аҕабыныын убайым туһунан элбэҕи истибиппит, тула көтө сылдьан кинилэр [өстөөхтөр] ыраас киһини хоруотуу сатыыллар А. Сыромятникова