Перевод с якутского
хотон
аат тыл
Нууччалыы специальное зимнее помещение для скота, хлев, коровник
English barn
1 аат тыл #
Кыһын сүөһүнү тутарга, көрөргө-харайарга аналлаах тутуу
Нууччалыы Специальное зимнее помещение для скота, хлев, коровник
Хотон ортотугар солко былаат сытар үһү (тааб.: чоҕочу). Ойоҕо хотоҥҥо сааҕын күрдьэ сылдьан, эрэ кэлбитин билэн, отунан саахха биһиллибит этэрбэһин сотто олордо.
КүндэХотоҥҥо ынах хам-хаадьаа ыҥыранар. Дьүөгэ Ааныстыырап. Ср. -тюрк котон, котан ‘загон; сарай; хлев’
2 #
Соччо-бачча, кыайан (үсүгэр утурар ис хоһоонноох этиилэргэ тут-лар)
Нууччалыы В достаточной мере, часто, свободно (употр. в отриц. предл.)
Оттон Лиза Ылдьааны кытта иирсэн арахсыахтарыттан ыла кулуупка да хотон сылдьыбат буолбута. Д. Таас [Анды] үс-түөрт сылтан бэттэх хотон түспэт буолан хаалла. СГФ СКТ. Бу дьиэ кэргэниттэн оҕолор эрэ хотон сахалыы билбэттэр. Д. Очинскай (тылб.)