ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ампаар

аат тыл

Нууччалыы амбар для хранения вещей, орудий, продовольствия

English barn, granary

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Малы, аһы уурарга аналлаах охсуу эркиннэрдээх тутуу

Нууччалыы Амбар для хранения вещей, орудий, продовольствия

  • Аттарын сыгынньахтаан, таһаҕастарын ампаарга уган, күлүүстэрин илдьэ киирэллэр.
    Саха фольк
  • Хабарҕа муннуктаах мал ампаарын иһэ, иинэ сууллан, “бу айылаах буолбуппун көр” диэбиттии, дьөлөрүйбүт.
    М. Доҕордуурап
  • "Кырдьык даҕаны, таһырдьа ампаарга сээкэй быа тоһоҕоһо элбэх буолуо, бул ээ онтон", - диэтэ Тоокуй
    Күндэ

2 аат тыл #

Булчуттар, айан дьоно тохтоон ааһар, сынньанар кыракый охсуу дьиэлэрэ

Нууччалыы Небольшой домик срубного типа для отдыха охотников, путников

  • Булчуттар арыыга хаалан, биир ханнык эрэ эргэ иччитэх ампаары булан, онно киирэн муостаҕа утуйан хаалбыттар.
    Н. Заболоцкай
  • Арба, мантан чугас сискэ кыра ампаар баар буолуохтаах. Онно тиийэн сыта түстэргин. Хахха аата хахха...
    И. Гоголев
  • Айан дьоно Алаһыайдааҕы иччитэх ампаар дьиэҕэ үгүстүк хонон, өрөөн ааһаллара
    Н. Габышев

3 аат тыл #

Үрэх быһытыгар, булуус үрдүгэр, киһи уҥуоҕар охсуллубут тутуу

Нууччалыы Сруб, построенный на плотинах, над ледником, могилами

  • Таһыллан сытар бэрэбинэлэри суоран, сэлэпиискэлээн, ыпсаран, быһыт ампаардарын, үчүгэй нууччалыы дьиэлэри тутан истилэр.
    М. Доҕордуурап
  • Ол икки ардыгар олбуор хаҥас муннугар баар булуус ампаарын диэкиттэн икки саалаах киһи иһэллэрин көрдө.
    С. Никифоров
  • Күөл соҕуруу сыырын үрдүгэр былыргы дьон уҥуохтарын ампаардара күөрэлэнэ сыталлар
    Амма Аччыгыйа

4 этии #

Ампаар айах кэпс. - сымыйалаан ону-маны дойҕохтооччу, куолулааччы М. Доҕордуурап

Нууччалыы Пустобрех. - Сымыйаччы дьону норуот бу иһин “ампаар айах”, “көҥдөй дүлүҥ” диир эбит буоллахтара, - дии санаата [Акыым Уордаахап]

5 этии #

Этиилэр

Ампаар дьиэ көр дьиэ

  • Толоон анараа саҕатыгар турар ампаар дьиэ муус түннүктэрэ тунаарыһан көһүннүлэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Мещеряков кэргэниниин балаҕан салҕааһыннаах ампаар дьиэҕэ олорбута.
    И. Федосеев
Өссө холобурдар (1)
  • Тэйиччи соҕус кырдал үрдүгэр хоруобуйата суох улахан ампаар дьиэ хараарда. Н. Габышев

«А» буукуба