Перевод с якутского
хотор
туохтуур
Нууччалыы вытаскивать, выкладывать мясо крупными кусками из супа, рыбу из ухи
1 туохтуур #
Улахан куһуогунан буспут эти, балыгы мииниттэн хостоо, ороон таһаар
Нууччалыы Вытаскивать, выкладывать мясо крупными кусками из супа, рыбу из ухи
Наахара Сүөдэр буспут мундутун хоторон саҥардыы сиэн эрдэҕинэ, таһынааҕы ыал эмээхсинэ айдааран киирдэ. Т. Сметанин Дьахталлар эттэрин хобордооххо хоторон таһааран, остуолларыгар киһи ахсыытынан биирдии бойом кырбас куһуоктары уурталаан биэрэллэр. Р. Кулаковскай Буспут улар этин хоторон баран миинин сэлиэйдэниллэр, эбэтэр бэйэ оҥорбут лапсатын куталлар ЭК
2 туохтуур #
Тугу эмэ баһан ылар курдук өлгөмнүк хомуй, мунньун
Нууччалыы Собирать в изобилии что-л., достаточно много (напр., об урожае)
Одунчалар сыл ахсын эбэттэн баһаам оту хотороллор. Күннүк Уурастыырап Сис кындаатыгар сыл аайы уоннуу гаа сирэ солонон бурдук өлгөм быйаҥын хоторон испиттэрэ. М. Доҕордуурап Ср. ДТС хотур ‘вынимать, перекладывать’