ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хоҥор

даҕааһын

Нууччалыы буланый

English dun

Ис хоһооно · 4

1 даҕааһын #

даҕ

  • Халлаан оройугар хара былыт ханыылаһан, хоҥор былыт холбоһон таҕыста.
    Саха фольк
  • Колята сабыс-саҥа хоҥор өҥнөөх көстүүмү кэтэн, ийэтин хаҥас өттүгэр олорор.
    А. Фёдоров
  • Биир хоҥор солко ырбаахыны Ньургууна Ааныска туттаран кэбистэ
    А. Сыромятникова

2 даҕааһын #

Болоорхойдуҥу эрээри кытарымтыйан көстөр

Нууччалыы Тёмно-серый с красноватым отливом

3 даҕааһын #

Самыыта, уорҕата хараҥа араҕас аалыктаах, сиэлэ, кутуруга өлбөөдүйэн көстөр, тэбэгэйин түүтэ, өрөҕөтө сырдык (сылгы дьүһүнүн туһунан)

Нууччалыы Соловый (о масти лошади)

  • Аҕатыгар Накыйбахха -- хоҥор кугас атын миинэн Күндүлүгэ тиийбит этэ.
    Күннүк Уурастыырап
  • Хоҥор биэбит үүтүттэн Хойуу кымыс оҥорон Сэгэйэ анньан тураммыт Тойук туойар буоларбыт
    ХС

4 этии #

Этиилэр

Хоҥор хаас көр хаас

  • Сэттэлээх сылдьан бастаан Өлөрбүт хоҥор хааскын, Өйдүүбүн, соһо сатаан Сэниэҕин бараабыккын.
    М. Ефимов
  • Мин аргыһым бу сарсыарда Дьолоон үрэхтэн биир хоҥорхааһы күөрэтэн түһэрбитин сыарҕабытыгар ууран иһэбит.
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. ДТС хоҥур ‘рыжеватый, каштановый, коричневый; каурый’

«Х» буукуба