ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чаамык

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы тарбаган, сурок черношапочный

1 аат тыл #

түөлбэ. Андаатарга майгынныыр түүлээх сир кыыла, таарбаҕан

Нууччалыы Тарбаган, сурок черношапочный

  • Биһигиттэн чугас буордаах мыраан тэллэҕэр чаамык – сахалыы эттэххэ: таарбаҕан хороонноро баара.
    Н. Абыйчанин
  • [Төрдүс мончуугум] сарсыарда хороонуттан тахсан чохчойо олорор чаамыгы балайда санатар сатана.
    Р. Кулаковскай
  • Билигин чаамык туох кыыл буоларын билэр да киһи аҕыйах. К. Турсункулов (тылб.)

2 даҕааһын #

суолт. Таарбаҕан тириититтэн тигиллибит, оҥоһуллубут

Нууччалыы Сшитый, сработанный из меха сурка, сурковый. [Балбаара] ыраас ырбаахытын, чаамык саҕалаах уһун сукуна сонун, тыс этэрбэһин кэтэн Михей Михеевич дьиэтигэр тиийдэ

  • Чаамык бэргэһэ холтотун илиитигэр тоһуйа тутан, Дьаакып оҕонньор далларыс гына түстэ.
    А. Сыромятникова
  • Чаамык бэргэһэ – таарбаҕан тириититтэн тигиллибит бэргэһэ. НБФ-МУу СО
    Б. Ср
  • эвен. чамак ʽсурокʼ

«Ч» буукуба