Перевод с якутского
чааҕыр
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы вычурный, затейливый (напр., об узоре). [Ыаҕайа] хор, маннык чааҕыр тигиилээх эбит
Ис хоһооно · 4
1 даҕааһын #
Судургута суох, олус эгэлгэлээх, уустук (хол., оһуору этэргэ)
Нууччалыы Вычурный, затейливый (напр., об узоре). [Ыаҕайа] хор, маннык чааҕыр тигиилээх эбит
Олус чааҕыр таҥаһы таҥныбыт Тоняны көрүөххэ толоос этэ. Н. Островскай (тылб.) Ийэм бастыҥам оһуорун улахан чааҕыра суох, судургутук тиктэ. [Айымньы геройдарын] кэпсэтэр тыллара судургу, ордук чааҕыра, уустугурда сатааһына суох барар Н. Заболоцкай
2 даҕааһын #
түөлбэ. Атаах, хаппырыыс (хол., оҕону этэргэ)
Нууччалыы Капризный, прихотливый (напр., о ребёнке)
Ыалбыт оҕото олус чааҕыр Ким даҕаны Биалькоту -- оҕолор чааҕырдарыгар -- кыттыбыта диэн этиэ суоҕа. Ю. Рытхэу (тылб.)
3 аат тыл #
Эгэлгэ, уустугурдуу
Нууччалыы Вычурность, затейливость, замысловатость
4 аат тыл #
түөлбэ. Атаахтааһын, хаппырыыстааһын
Нууччалыы Каприз, прихоть. [Василий] оскуола оҕолорун чааҕырдара туһата суох дьарык буолуо диирэ