Перевод с якутского
чабычах
аат тыл
Нууччалыы невысокий берестяной сосуд округлой формы для хранения продуктов питания
1 аат тыл #
, эргэр. Тугу эмэ (хол., бурдугу, арыыны, үүтү) кутан уурарга аналлаах төгүрүк быһыылаах намыһах туос иһит
Нууччалыы Невысокий берестяной сосуд округлой формы для хранения продуктов питания (напр., муки, масла, молока)
Даайа хас да кураанах чабычаҕы эҥини аҕалан, холумтан таһыгар уурталаата. А. Софронов Дьахталлар сарсыарда эрдэ туран ынахтарын ыан, үүтү чабычахха кутан чалымнаталлар. Н. Заболоцкай [Бииктэр] таҥха иһиллээри -- атах орон анныгар киирэн иһэн, чабычахтаах бурдугу тохпута Л. Попов
2 этии #
Этиилэр
Сабарай чабычах көр сабарай II
Чороон айах чуоҕуспут, Кэриэн ымыйа кэккэлэспит, Саар ыаҕас ханыыласпыт, Сабарай чабычах салаҥнаабыт. Күннүк Уурастыырап Мин эдэр эрдэхпинэ лэппэй, сабарай чабычах, саар ыаҕас, холлоҕос диэн туос иһиттэр бааллара. М. Доҕордуурап
Сабарай чабычах
олус улахан кээмэйдээх.
НБФ-МУу СО Б. Ср хак. чабызах ʽнизкий, невысокийʼ, бур. һабяаг ʽлукошкоʼ