ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чарчый

туохтуур

Нууччалыы покрываться морщинами

1 туохтуур #

Мырчыстаҕастаах буол, мырчыһын

Нууччалыы Покрываться морщинами

  • Чарчыйбыт сирэйинэн Сынньылыйар харах уута.
    И. Чаҕылҕан
  • Николай Сергеев оҕонньор билигин сааһыран, сирэйин этэ чарчыйан эрэр.
    М. Доҕордуурап
  • Чарчыйбыт, саһархай сирэйдээх, Тайахтаах Дайыыла оҕонньор – Былыргы саллаат эрэйдээх Быйыл бу сорсуйан олорор
    Ф. Софронов

2 туохтуур #

Куура, хаччаччы хат

Нууччалыы Высыхать, образуя складки. [Сэбирдэх] Хонууга сыстан чарчыйа сыппытын, Хомурдуос түөкүн үрдүнэн айанныыр

  • Ол дойду кулун киинин курдук чарчыйбыт үөс араҕас отторо дьааттаах сиигинэн суунаннар -- уот диэнтэн ураты куттанар буолар эбиттэр
    Д. Апросимов

3 туохтуур #

Дэхситэ, көнөтө суох буол

Нууччалыы Становиться негладким, неровным, рябить

  • Күөл уутун бүүрүгэ чарчыйа мууһурар.
    Н. Якутскай
  • Уулусса таһынааҕы көлүкэ ньуура чарчыйа тоҥон эрэр.
    П. Аввакумов
  • Үрэх кытыыта чарчыйа тоҥор. Хомус Уйбаан. Ср. ойр. чырчыкта ‘морщиниться’

«Ч» буукуба