Перевод с якутского
чачай
туохтуур
Нууччалыы поперхнуться, захлебнуться чем-л.
1 туохтуур #
Айаххынан, муннугунан тугу эмэ (хол., ууну, буруону) сыыһа иһэҥҥин, ыйыстаҥҥын эбэтэр эҕирийэҥҥин тыын былдьаһан өрүсүһэн сөтөлүн, тыыныҥ хаайтар
Нууччалыы Поперхнуться, захлебнуться чем-л. (напр., жидкостью, дымом)
Микиитэ -- тымныы салгыҥҥа чачайан хаалла. Амма Аччыгыйа Дьэргэ чачайа-чачайа дагдайан тахсан, сыарҕаттан харбаата. Болот Боотур Сорохтор буруоттан чачайан, сөтөллөн күпсүйэллэр М. Доҕордуурап
2 туохтуур #
ан эмэ куттан, салын, чаҕый
Нууччалыы Испугаться, устрашиться, струсить
Амырыын тымныы диэн чачайбакка Айаннаан дьигиһитэн ис эрэ! Болот Боотур Эс, муус алларыыта – киһи чачайар үлэтэ. ХС Бастакы уоттан өстөөх чачайда, туора-маары ойуттулар Кыым
3 этии #
Этиилэр
Хойуутугар бөппүт, убаҕаһыгар чачайбыт көр бөт II
Хойууларыгар бөтөннөр, убаҕастарыгар чачайаннар олоҥхоҕо саха киһи төрдө буолан олорбуттар үһү. Саха фольк Хотуннуун-тойоннуун Хойууларыгар бөппүттэр, Уоллуун-кыыстыын Убаҕастарыгар чачайбыттар.
П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (1)
Ср. кирг. чача, тат. чэчэч, монг. цацах ‘поперхнуться’