ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чаҕаан

даҕааһын

Нууччалыы блестящий, искрящийся, яркий

Ис хоһооно · 5

1 даҕааһын #

даҕ

  • Күлүм-чаҕаан Күөнэх күнүм Көмүс күөмэй күөрэгэйэ, Күлүбүрүү көтүүй даа!
    Н. Рыкунов
  • Тоҕо эрэ эн одуулаһар буоларыҥ Хараҥа түүн халлааныгар Хатан чаҕаан сулустары! О. Сулейменов (тылб.)

2 даҕааһын #

Чаҕылхай, күлүмүрдэс

Нууччалыы Блестящий, искрящийся, яркий

3 даҕааһын #

Хатан, чэгиэн (куолаһы, ырыаны этэргэ)

Нууччалыы Звонкий, чистый (о голосе, песне)

  • Кэрэ бэлиэ кэпсээн курдук, Сэрэтиилээх сэһэн курдук, Ылбай чаҕаан ырыа курдук, Ыраас таптал кыымын курдук Сахам намыын үҥкүүтэ, Сахам сирин кэрэтэ!
    С. Данилов
  • Кыракый, кырачаан Күөрэгэй чыычаах Дьиэрэйэр, бэрт чаҕаан Дьикти ырыалаах.
    И. Федосеев
  • Суол холбоһуута чугаһаатаҕын аайы, кыыс оҕо кэһиэҕэ суох кэрэ чаҕаан куолаһа субу чугаһаан иһэр
    М. Доҕордуурап

4 даҕааһын #

Дьулааннаах, кутталлаах

Нууччалыы Страшный, опасный

  • Дьонуттан быстан соҕотоҕун тайҕа быыһыгар үрэх баһыгар хаалара чаҕаан суол.
    Далан
  • Үөйбэтэх-санаабатах чаҕаан да суолугар түбэстэ соһуччу Сергей
    В. Яковлев
  • Суостаах, дьиппиэн (ким эмэ дьүһүнүн этэргэ). Θ Грозный, суровый (о чьей-л. внешности). Дьүһүн-бараан дьүһүннээх, хаан чаҕаан сэбэрэлээх сүрдээх киһи эбит. Саха сэһ. I. Бу киһи Дьүһүн бараан дьүһүнэ, Хаан чаҕаан сэбэрэтэ Хайдаҕый эбит диэн көрдөххө – Суон тиитим бастыҥ чууркатын курдук, Дьондо маҥан сотолоох эбит.
    Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (1)
  • [Лөкөй тойон] хаан чаҕаан сэбэрэтинэн, толуу-үтүө көрүҥүнэн тоҕустаах атыыр лөкөйү туруору туппут курдук бөдөҥ-садаҥ киһи этэ
    Чолбон

5 даҕааһын #

Сөҕүмэр, дьулаан

Нууччалыы Внушающий страх, грозный. [Дьонноро] Ыар чаҕаан охсуһууну охсуһан, Тутум-бараан дайбаһыыны дайбаһан -- тураллар эбит

  • ТТИГ КХКК. [Куриль] тахсаары туран кэннин хайыһан көрбүтэ – эмээхсин тонолуппакка одуулаан олороро. Оо, ол киһи этэ тардыах, чаҕаан көрүү этэ.
    С. Курилов
  • Ср. ДТС чоҕ ʽблеск, сияние (солнца), пламя, жарʼ, МНТ чаҕаан, халх. цагааҥ ʽбелыйʼ

«Ч» буукуба