ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьиримнэс

даҕааһын

Нууччалыы мигающий, сверкающий, мерцающий, искрящийся

I

1 #

дьиримнээ диэнтэн холб. туһ. Онно чөмчүүк храмнар Дьиримнэһэ тураллара. И. Гоголев. Куриль харахтарыгар кыһыл ирбинньиктэр дьиримнэстилэр, онтун аһараары симириктии көрүтэлээтэ. С. Курилов (тылб.)

II

2 даҕааһын #

Кыламнас, чыпчылыҥнас, элэгэлдьигэс, долгулдьугас (чаҕылхай сырдык хамсааһын түргэн-түргэнник уларыйан иһиитин туһунан)

Нууччалыы Мигающий, сверкающий, мерцающий, искрящийся (о быстро меняющемся ярком свете или о движении)

  • Лөкөй үрэх кытыытыгар туран дьиримнэс түргэн сүүрүгү чарапчыланан көрдө.
    ХС
  • Ахсаана биллибэт дьиримнэс сулустар ортолоругар маҥан сырдыгынан сандаара оонньуу турар ити сырдык сулуһу Пьер уутуйбут хараҕынан үөрэ-көтө одууласта.
    Л. Толстой
  • (тылб.). Урут да, хаһан да бу оһох дьиримнэс уотугар сырдаан турар киһи сирэйиттэн ынырыгы мин хаһан да көрбөтөҕүм.
    В. Короленко
Өссө холобурдар (1)
  • (тылб.)

«ДЬ» буукуба