ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чиккэччи

Нууччалыы прямо, туго

1 #

сыһ

  • Харабыл саллаат күөгүтүн быатын чиккэччи тарта: "Есть! Есть!" – диэн үөгүлээтэ.
    И. Гоголев
  • Хатыллыбыт сабы күүскэ чиккэччи тардыллар: сап эрэдэһинэ ыпсыахтаах. Хомус Уйбаан. Айа кирсин курдук чиккэччи тардыллыбыт быа быстар тыаһа иһиллэр. Эвен фольк

2 #

Көбүс-көнөтүк, тыҥаабыт курдук көнөтүк

Нууччалыы Прямо, туго (натянуть)

3 #

Төбөнү, көхсүнү кэннин диэки ыытан көбүс-көнөтүк чыначчы туттан (хол., тур)

Нууччалыы Выпрямив спину, навытяжку (напр., стоять)

  • Булочкин -- чиккэччи тутта охсоот, чиэс биэрдэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Болуоттарын баайыытын сүөрээт, болуот үрдүгэр чиккэччи турбутунан устан барбыттара.
    И. Федосеев
  • [Саҥа завхоз] чиккэччи тардыбыт курдук көбүс-көнө, үрдүк уҥуохтаах, хатыҥыр, саас ортолоох киһи
    Чолбон
Өссө холобурдар (3)
  • Токуппакка эрэ, көнөтүк, дыраччы тэбинэн эбэтэр тыылыы тэбэн (атаҕы этэргэ). Θ Выпрямив, вытянув (напр., о ногах). Яков атаҕын чиккэччи тэбэн, тимир кырабаакка утуйар таҥаска өттүгэстии түһэн сытар.
    В. Протодьяконов
  • Атахтарын бөтөҕөлөрө ыалдьыбытын аһараары чиккэччи тэптэ.
    В. Гольдеров
  • Сотору-сотору дьааһыйар уонна сөп буола-буола сүрдээх уһуннук чиккэччи тэбинэн, тыыллаҥнаан ылар
    Чолбон

«Ч» буукуба