ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чилиэн

аат тыл

Нууччалыы лицо, входящее в состав какого-л. союза, объединения, группы, член

English member

1 аат тыл #

Ханнык эмэ тэрилтэ, холбоһук, уопсастыба, дьон ханнык эмэ бөлөҕүн састаабыгар киирэр киһи

Нууччалыы Лицо, входящее в состав какого-л. союза, объединения, группы, член

  • Куруһуок чилиэннэриттэн биэс учуонай тахсыбыта.
    Далан
  • Хамыыһыйа чилиэннэрэ бэйэ-бэйэлэрин көрсөн кэбистилэр.
    М. Попов
  • [Кинилэр] биһиги дьиэ кэргэммит чилиэннэрэ, уруубут-аймахпыт буолбатахтар. Официальнай дьоннор
    С. Дадаскинов

2 аат тыл #

тыл үөр. Этиигэ бэйэлэрин икки ардыларыгар синтаксис тутулунан сыһыаннаһар, ханнык эмэ ыйытыыга хоруйдуур, ханнык эрэ суолталаах тыллар эбэтэр тыллар ситимнэрэ

Нууччалыы Член предложения. [Аат тыллар] этиигэ ханнык чилиэн буолбуттарый?

  • КИИ СТ-2. Сомоҕо домох хас да тылтан турар эрээри, этиигэ биир чилиэн буолар
    СЛСПҮО

3 этии #

Этиилэр

Биир уустаах чилиэннэр көр биир

  • Этии биир уустаах чилиэннэрэ биир тылга сыһыаннаһаллар уонна биир ыйытыыга эппиэттииллэр. ПНЕ СТ. Ситим тыла суох биир уустаах чилиэннэр соппутуойунан араарыллаллар.
    ПНЕ СТ

Ойоҕос чилиэн көр ойоҕос

  • Ойоҕос чилиэннэр тутаах чилиэннэрин быһааран, толорон, ситэрэн биэрэллэр. СТ С. Аат тыл этиигэ араас чилиэн буолар: туһаан, ойоҕос чилиэн, кэпсиирэ. КИИ СТ-2.

Тутаах чилиэн көр тутаах

  • Холбуу этиигэ киирэр хас биирдии судургу этии бэйэтэ тутаах чилиэннэрдээх.
    ПНЕ СТ

Туһаан

этии тутаах чилиэнэ.

  • СОТТЛ

«Ч» буукуба