Перевод с якутского
чиҥ
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы густой
English dense
Ис хоһооно · 8
1 даҕааһын #
Нууччалыы густой
English dense
чиҥ от густая траваdense grass
2 даҕааһын #
Нууччалыы дородный; коренастый
English stout, thickset
чиҥ киһи коренастый человекa stout person
3 даҕааһын #
даҕ
Куммаа тарыырын чиҥ хаарга батары анньан, наартатын хамсаабат гына иҥиннэрдэ. Н. Габышев Тимир лаппаакы хайыр тааһы хадьырыйара, хойгуо чиҥ буорга тобулута түһэрэ. Тумарча. Эбэ уонна көлүйэ ыккарда төһө да чугас буоллар үктэлэ кытаанах, чиҥ эбит, дулҕалаах С. Маисов Сымнаҕаһа суох, кытаанах, симэ, бөҕө-таҕа. Θ Крепкий, тугой, плотный, прочный (напр., о ткани). [Уйбаан:] Мин көрдөххпүнэ, чиҥ, үчүгэй баҕайы сиидэс дии. С. Ефремов
Өссө холобурдар (1)
"Таман сир ото үчүгэй, үтүр, ааттаах чиҥ", – диир Чурапчы Кытаанаҕын ытык кырдьаҕаһа. Багдарыын Сүлбэ. [Хаппыыста тууһуурга] сибиэһэй, чиҥ, олус бөдөҥө суох кочаннар ордуктар. ФВН ТС. Зубатка хас да көрүҥнээх. Бу үчүгэй амтаннаах, чиҥ эттээх балык. ДьБ. Элбэх сыллаах люпин сиэмэлэрэ чиҥ хахтаахтар, ол иһин бытааннык дыгдайаллар ХКА
4 даҕааһын #
Сымнаҕаһа суох, кытаанах (хол., сир)
Нууччалыы Утоптанный, плотный, твёрдый, крепкий (напр., о земле)
5 даҕааһын #
Киппэ, күүстээх, бөҕө-таҕа көрүҥнээх
Нууччалыы Физически здоровый, сильный, крепкий
Үлэһит киһи кэтит сабарай чиҥ ытыһынан мин илиибин бобо туппутун өйдүүбүн. Амма Аччыгыйа Чиҥ, улахан Сутуруктарын Суулуу тутан Баттал сыабын Маҥыйаннар Сырбаталлар. И. Гоголев Мин этим-хааным толуу да буолбатар, уҥуохтарым улахан уонна иҥиирдэрим кытаанах, чиҥ этилэр. Н. Абыйчанин
Өссө холобурдар (1)
[Кыыс] мэлдьи үлэ үөһүгэр сылдьар Романын чиҥ, киппэ түөһүгэр сымнаҕастык сыһынна Айысхаана
6 даҕааһын #
Булгуруйбат, халбаҥнаабат, эрэбиллээх
Нууччалыы Твёрдый (о слове), крепкий (о дружбе), надёжный, прочный (об основе чего-л.)
Сотору соҕус буолаат, эмиэ соҕотох чиҥ тыл ньиргийэ түстэ: "– Түксү!" Амма Аччыгыйа Арыт чиҥ да доҕордоһуу Үрэллэр бэрт кыраттан. И. Гоголев [Кэргэнниилэргэ] өр кэмҥэ чиҥ быраабыла быһыытынан олоххо наадалаах үгэстэр үөскээн хаалбыттар.
Н. Лугинов
Өссө холобурдар (1)
Хара ааныттан кини оскуоланы чиҥ тирэхтииргэ, элбэх оҕону хабан үөрэтэргэ дьулуспута ХС
7 даҕааһын #
Ол-бу тастан сабыдыалга бэриммэт, көнө сүрүннээх
Нууччалыы Имеющий твёрдые принципы, не поддающийся влиянию кого-л., основательный Кирилл Маркович кытаанах майгылаах, бэйэтин ис туругун таһыгар таһаарбат биир кэлимсэ таас көһөҥө курдук чиҥ, кытаанах киһи
Улаханнара Мэхээлэ диэн сүр чиҥ, көрсүө, аҕыйах саҥалаах, биир кэм күлэн мүчүҥнүү сылдьар киһи Р. Кулаковскай
8 даҕааһын #
Бэйэтин киэнин биэрэрин, үллэстэрин сөбүлээбэт, сүрдээх кэрээки, кытаанах
Нууччалыы Скупой, скряга, прижимистый
"Бокуонньук дэлэ чиҥ киһи буолбатаҕа, кэм туохтаах эмэ буолуо диэн саныырым, онон тойотторум бу дьааһыгы астарыҥ", – диэтэ. Эрилик Эристиин Улам-улам сиирэ астахха симэһин тахсыбат киһитэ буолан иһэр, аҕатынааҕар чиҥ буолбут. Болот Боотур Биэрэ кыһын тэлгэһэтин иһиттэн ытыс хаары киһиэхэ ыһыктыбат чиҥ дьахтарынан биллэрэ. ХС
Өссө холобурдар (1)
Ср. уйг. тиҥ ʽплотный, утрамбованныйʼ, чиҥ ʽкрепкий, твёрдый, прочныйʼ