Перевод с якутского
чобуо
даҕааһын
Нууччалыы бойкий, шустрый, резвый
1 даҕааһын #
даҕ
Бу быраатым Бытааны уолчаана олус чобуо оҕо. И. Гоголев Маайа -- урукку чобуо бэйэтэ сыппаан, хаҥыл бэйэтэ сымнаан, кэнэн баҕайытык туттан олорор. Н. Якутскай Маннык чобуо оҕону эмээхсин үйэтигэр көрө илик ХС
Өссө холобурдар (3)
Сытыы, хотуулаах, суустаах (тыл). Θ Острый, язвительный (о слове). Дьүкээбил [киһи аата] тыаттан мас сүгэн иһэрин көрөн, ханнык эрэ чобуо тыллаах, аһаҕас айахтаах уолчаан: "Дьүкээбил, бу тугуҥ маһын сүктүҥ?" – диэн ыйытта. Н. Якутскай Үөннээхтик көрбүт харахтаах, чобуо тыллаах-өстөөх, мэлдьи албыннык мичээрдиир киһи. В. Протодьяконов Хотун наһаа кыыһырда, -- ордук чобуо тыллаах кыыска абарда, баран баттаҕыттан соһуон санаата ХС
2 даҕааһын #
Санаатын иҥнибэккэ-толлубакка этэр, сытыы-хотуу, килбигэ, толлугаһа суох
Нууччалыы Бойкий, шустрый, резвый
3 даҕааһын #
Сытыы биилээх, уһуктаах төбөлөөх (хол., быһах); уһуктаах уһун сытыы тумустаах (хол., көтөрү этэргэ)
Нууччалыы Острый, отточенный, остроконечный (напр., нож); с острым, длинным клювом (о птицах)
Уран ойууттан дьиэ сэргиир, Ыраахтан көстөр ол ойуу Суруллубут дьиэни симиир Чобуо өтүйэ тойугунуу. С. Данилов Чуоҕур-эриэн тоҥсоҕой Чобуо тумса тобуйда. Күннүк Уурастырап. Дьэ эрэ, Чобуо хойгуом, Чоной эрэ, Чокуллуо буору Тоҕута күөргэллээн! С. Васильев Мин чобуо сүгэм аттыбар Миигин күүтэр тэһийбэттии. Чэчир-80. Ср. тув. шоваа ʽбойкий (ловкий, живой)ʼ, монг. цовоо ʽсмышлёный, проворныйʼ