Перевод с якутского
чопчу
даҕааһын, сыһыат, аат тыл
Нууччалыы сосок
Ис хоһооно · 11
1 аат тыл #
Дьахтар, үүтүнэн иитээччи тыһы харамайдар эмиийдэрин тумуга
Нууччалыы Сосок (у женщин, самок млекопитающих)
Биир кытарах ынахтаахтара эмиийин чопчуларын үлүтэн, уолбута ыраатта. Н. Якутскай Евгения эмиийдэрин чопчутун сууйда, оҕотун ылла. С. Дадаскинов [Ыт оҕолоро] ийэлэрин эмиийин чопчутун уоппутунан, оттон сорохторо сири тиҥсириҥнэһэ, төттөрү-таары мучумааннаһа сылдьаллар Р. Кулаковскай
2 этии #
Этиилэр
Сүрэҕин чопчута көр сүрэх
Ол эрээри соҕотох оҕолоох киһиэхэ сүрэҕин чопчута – кыысчаана буолара саамай сөптөөҕө. М. Попов Миэхэ сүрэҕим чопчута Костигым сыысчаана олус күндү, кинини эрэ көрүөхпүн баҕарарым. ХС
Өссө холобурдар (1)
Ср. тюрк. топчы, бур. тобшо ʽпуговицаʼ, монг. товч(ин) ʽпуговица; сосок; пуляʼ
3 аат тыл #
Саас күн уотуттан хаар ууллан таммалыы туран мууһуран тоҥмута
Нууччалыы Обледеневшая при стоке в виде удлинённого конуса вода, сосулька
Муус устар кэрбэгэйдээтэ, буукка үрдүттэн чопчулар таҥнары унньулустулар. Н. Заболоцкай Саас музыката! Ол – муус ууллан, чопчу-чопчу буолан, көөрөттөн тохтор эбит. Н. Габышев Көмүс чопчу кыаһаанынан Муус устарым уһунна
Таллан Бүрэ
4 этии #
Этиилэр
Муус чопчу
чопчу диэн курдук.
Дьиэлэр, ампаардар сарайдарыттан муус чопчулар хойдон, уһаан, соноотор-соноон, таҥнары мөлбөйөн киирэн испиттэрэ. Н. Заболоцкай Күүлэ күн диэки өттүгэр уп-уһун муус чопчулар таҥнары ыйаммыттар. П. Аввакумов
Муус чопчута уһун буоллаҕына
саас уһуур.
"ББ"
5 аат тыл #
Үксүгэр көмүстэн кутан оҥоһуллар кыра бөкүнүк киэргэл
Нууччалыы Литая (в основном из золота, серебра) маленькая деталь для украшения в виде горошины. [Былыргы дьахтар таҥаһын симэҕэ] күөгү, чопчу, кымырдаҕас, тордуйа, тыҥырах диэн көмүс ойуулаах буолара
Арыылаах кымыһын чопчу көмүстээх чорооҥҥо толору кутан -- көрүстэ. С. Зверев Алтан чопчулары, салбырҕастары XVII-XVIII үйэлэргэ -- киэҥник кута сылдьыбыттар НБФ-МУу СОБ
6 аат тыл #
Ата илик сибэкки
Нууччалыы Почка цветка, бутон
Вишнёвай мас үнүгэстэрэ тыллыахча аҕай буолан, чопчулара кытарбыттар, сибэккилэнээри төбөлөрө туртайтаабыттар. Н. Якутскай Саас, ньургуһун сибэккитэ өссө ситэ ата илигинэ, сибэкки чопчутун быһа тардан ылан, сибиэһэйдии дьарҕалаах сирдэригэр бааналлара. МАА ССЭҮү. Сибэкки тулата сибэкки чопчутун ис, кэбирэх чаастарын ардахтан, тымныыттан уонна күн сыралҕаныттан харыстыыр. КВА Б
7 аат тыл #
Чуораан көҥдөйүн иһинэн хамсаан, охсуллан тыас таһаарар тимир сүнньүөх
Нууччалыы Металлический стержень, производящий звон ударами о стенки колокола, язычок колокола
Аны кинилэр билигин былаайаҕа суох дүҥүр, чопчута суох чуораан, тыла суох аарык буолбуттара. Далан Графиня остуолга элэктэриичистибэ чуораан чопчутун баттаан кэбиһэр. Л. Толстой (тылб.)
8 сыһыат #
Хайдах баарынан, чуо; сөрү-сөпкө, сөп түбэһэр курдук
Нууччалыы Точно, определённо (напр., знать)
Булт баар сирин биһиэхэ чопчу кэриэтэ ыйан биэрэрэ. И. Гоголев Билигин субу саманнык ыарыылааххын диэн чопчу этэр күчүмэҕэй. Софр. Данилов. Костя онно тоҕо сэрэниэх тустааҕын кини бэйэтэ даҕаны чопчу билбэт. Н. Заболоцкай Никон Алексеевич киһи санаатын көрбөккө да, истибэккэ да олорон, чопчу таайар этэ ВНЕ НЭНь
9 сыһыат #
Чуо-бааччы, оруобуна туһаайан
Нууччалыы Прямо, прямиком, напрямик
Билбэт киһим миэхэ чопчу хааман кэлэн илиитин биэрбитэ. И. Гоголев Хаартыскалар аннынааҕы суруктары ааҕан-ааҕан баран, эйигин чопчу ыйда. Софр. Данилов. Милииссийэ ханна баарын билэрэ, онон чопчу сүүрэн тиийбитэ И. Никифоров Аркадий [эскиистэри] бэрт өр дьиппинийэн олорон көрдө да, туох да диэн чопчу быһаарыыны биэриэн булбата.
Н. Лугинов
Өссө холобурдар (1)
Ханна баҕарар буоларын курдук, үлэҕэ чопчу былаанынан салайтарабыт. Дьону үөр. Олоххо бэйэҕэ чопчу сыалы туруорунуохха наада ЭБЭДьА
10 даҕааһын #
суолт. Туохха эмэ сөптөөх, сөп түбэһэр
Нууччалыы Чёткий, ясный, конкретный, точный
11 этии #
Нууччалыы Упасть, погрузившись во что-л. мягкое (напр., в снег)
Этиилэр
Чопчу түс
туох эмэ сымнаҕаска батары, тимирчи түс Толомон халыҥ, сымнаҕас окко чопчу түһэн сытта.
Софр. Данилов. Сымнаҕас хаарга чопчу түһэ сытан, Сапсынан, лыах ойуутун түһэрэрбит. Чэчир-76. Сылайбыт, быстыбыт табалар эрэйдээхтэр дириҥ сымнаҕас тоҥууга чопчу түһэн, бэйэ-бэйэлэригэр сыстыстылар. МС Т. Ср монг. тов ʽясный, отчётливыйʼ