ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чочуобуна

аат тыл

Нууччалыы часовня.

1 аат тыл #

Алтаара суох кыра таҥара дьиэтэ

Нууччалыы Часовня. Таҥара дьиэтин таһыгар эргэ чочуобуна турар этэ. Амма Аччыгыйа. Кэриим аҕабыттара кэлэн ити чочуобунаҕа оҕо сүрэхтииллэр. П. Филиппов

2 аат тыл #

Өлбүт киһи уҥуоҕа, иин үрдүнээҕи пааматынньык

Нууччалыы Надгробие, надгробный памятник

  • Кустукка [киһи аата] анаммыт чочуобуна бүтүннүүтэ араас өҥнөөх күндү таастарынан таҥыллыбыт.
    И. Гоголев
  • Кириэс мастан уруккулуу чочуобуна уҥуохта тутаргыт буоллар уонна… ааппын-суолбун бука диэн суруйбакка…
    У. Нуолур
  • Тулаайахсыйбыт соҕотох чочуобуна тулата былыргы дьон уҥуохтарынан толору этэ
    Ойуку

«Ч» буукуба