Перевод с якутского
тараһа
аат тыл
Нууччалыы брюшина.
1 аат тыл #
Киһи-сүөһү иһин-үөһүн быччыҥнардаах тас бүрүөһүнэ
Нууччалыы Брюшина. Кыаһай оҕонньор эргэ ырбаахытын арынан тараһатын тарбанна. Эрилик Эристиин. Онуоха бөрө түөрт атаҕынан чырбаччы тэбинэн тардыытыгар убаһа тараһата сытыы быһаҕынан хайа тардыбыттыы тэлэ барбытынан иһэ былтас гына түстэ. Р. Кулаковскай. Бэйэҕэ анаммыт курдук сөп бандаас иһи аллараттан өйүү өрө көтөҕөр буолан тараһаны тэниппэт. ГЛИ ЭИС
2 этии #
Этиилэр
Тиийбэт тирии, тарпат тараһа буол көр тарт
Дьоннор ити курдук артыалга киирэн байан-тайан эрэллэр, оттон кинилэр буоллахтарына сыл аайы тиийбэт тирии, тарпат тараһа буола олороллор. Д. Токоосоп
Иҥиир тараһа буол көр иҥиир
Сорох үлэлиир, иҥиир тараһа буолар, оттон кини кустаан таҕылын ханнарар, күн ортооҥҥо диэри утуйар. Н. Габышев Баайга-токко кэлэммит, Баттал илимэр иҥнэммит, Иэскэ-күүскэ киирэбит, Иҥиир тараһа буолабыт. В. Чиряев
3 этии #
Нууччалыы Мера определения жирности жеребятины: чуть подернутый жиром
Эриэн тараһа - сылгы этин төһө эмиһин быһаарар бэлиэ: онон-манан сыалаах Үрүҥ тараһа - сылгы этин төһө эмиһин быһаарар бэлиэ: быһах (батыйа) өнчөҕүн саҕа халыҥ хаһалаах. Θ Мера определения жирности жеребятины: толщина брюшного жира с кончик ножа. Сахалар сылгы көтөҕүн-эмиһин быһаарар сүрүн бэлиэлэрэ манныктар: үрүҥ тараһа - сыата сырдык, хаһата быһах (батыйа) өнчөҕө халыҥнаах, сорох сиринэн тараһата көстөр. АДГ СЭЭ. Ол аппын күһүнү быһа бүөбэйдии сатаан баран, нэһиилэ үрүҥ тараһалаабытым уонна сиэбитим. И. Никифоров Былыт тараһа - сылгы этин төһө эмиһин быһаарар бэлиэ: ылгын чыкыйа саҕа халыҥ хаһалаах. Θ Мера определения жирности жеребятины: толщина брюшного жира с мизинец. Былыт тараһа - ылгын чыкыйа саҕа халыҥ хаһалаах. АДГ СЭ Э. Ср кирг. тараз ʻв меру худощавый, пропорционально сложенныйʼ