Перевод с якутского
чуораан
аат тыл
Нууччалыы колокольчик; звонок
English bell
1 аат тыл #
Хамсаттахха улахан, хатан тыаһы таһаарар тэрил (кыра куолакал курдук быһыылаах – хол., оскуолаҕа уруок бүппүтүн-саҕаламмытын биллэрэн тыаһатарга аналлаах)
Нууччалыы Колокольчик; звонок
Бэрэссэдээтэл чуораанын лыҥкыр гыннарда. Амма Аччыгыйа Чуораан тыаһын тэҥҥэ даҕаспытынан кылааска уолаттар бөтөрөҥнөһөн киирдилэр. Т. Находкина Прошка кэлэн аан чуораанын тыаһатта. М. Прилежаева (тылб.)
2 этии #
Нууччалыы Колокольчик (цветок)
Алтан чуораан айахпынан поэт. көр айах I. Алайаана лаглардыырбын Алтан чуораан айахпынан Айааран аҕыннахпына, Амньыраабыт санаам аралдьыйар.
Өксөкүлээх ӨлөксөйИмнэригиҥ хааннара Эхтибиттиир эбит диэн, Алтан чуораан айаҕа Аҕыйбыта буолуо диэн, Ахсарбаттай буолумаҥ! С. Зверев
Этиилэр
Тиһэх чуораан көр тиһэх I
Оскуола тиһэх чуораана тыаһаан бүттэ. ПА.
Чуораан от
чуораанныҥы быһыылаах сибэккилээх от Чуораан от, сир симэҕэ Чугдаар дьоллоох ырыалаахтар.
Чыычаах оҕолоро чуораан оттор, гвоздикалар үрдүлэринэн сарыкынайа дайбыттар. Айысхаана. Оттортон чуораан оттор, ромашкалар, василёктар, хаарыйар от (крапива), репейник (лопух), ньээм киһиэхэ эрэ барытыгар биллэллэр. КВА Б. Ср эвенк. чооран, негид. чоян ʽколокольчикʼ