ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чысхаан

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы холодный, резкий, пронизывающий

1 даҕааһын #

Сытыы, тымныы, киһини курдары охсор (кыһыҥҥы тыалы этэргэ)

Нууччалыы Холодный, резкий, пронизывающий (о зимнем ветре)

  • Халыҥ былыт уостан, чысхаан тыал астан, күн бэрдэ күлүмүрдүү көрөн турарын курдук этэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Кыыс чысхаан тыалтан тэтэрбит имэ, дыргыйбыт хап-хара хааһа, кини кэрэ мөрсүөнэ хайдах эрэ сабыс-саҥа хартыынаны санатта.
    А. Сыромятникова
  • Кыһынын чысхаан тыал сордуур, Сайынын уот куйаас муҥнуур
    Сибэккилэр

2 аат тыл #

суолт. Кыһыҥҥы тымныы тыал

Нууччалыы Холодный пронизывающий зимний ветер, мороз, стужа

  • Өрүс диэкиттэн үрэр тымныы чысхаан дьон сирэйин иҥсэлээхтик оборбохтуур.
    А. Фёдоров
  • Уун-утары тымныы чысхаан иһиирэр, сирэйин-хараҕын быһыта сынньар, тыын ылларбакка бөтүөхтэтэр
    И. Данилов

«Ч» буукуба