ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чыҥыс

даҕааһын

Нууччалыы внушительный, громадный, могучий

1 даҕааһын #

Сүрдээх, сүүнэ, модун (үксүгэр ханнык эмэ айылҕа көстүүтүн этэргэ)

Нууччалыы Внушительный, громадный, могучий (в основном о каких-л. природных явлениях)

  • Күрүлэс чыҥыс тыастардаах Сүллэр этиҥ сүллүүлээх, Сүүлэр былыт өрөгөйдөөх, Илигирэс ичигэстээх Ибир самыыр көлөһүннээх.
    С. Зверев
  • Бу, чыҥыс тымныы дойдутун Урааҥхай саха өбүгэм, Отуутун уотунан ититэн, Улахан мөҥүөн олоххо, Билиҥҥи көлүөнэ дьоннорго Бэлэмнээн кэбиспит эбит.
    Л. Попов
  • Биһиги киһибит иннигэр -- Чыҥкыныыр чыҥыс халлаан уола Чуҥкунуур Чуура бухатыыр Соҕотохто суодас гына түстэ
    С. Васильев

2 этии #

Нууччалыы Одно из древних якутских божеств, по поверьям, "бог жестокий, непреклонный, беспощадный, неумолимый, твёрдый"

Этиилэр

Чыҥыс хаан

былыргы саха итэҕэлинэн, киһи дьылҕатын, бүтүн олоҕун быһаарар таҥара.

  • Аһыныгаһа суох, тыйыс, көрдөһүүнү-ааттаһыыны ылыммат диэн итэҕэйэллэрэ Является властителем рока и судьбы. Чыҥыс хаан ыйааҕа, Одун хаан оҥоруута (өс хоһ.). Одун хаан оҥоһуута Улаатан эрэр эбит, Чыҥыс хаан ыйааҕа Ыксатан эрэр эбит.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Чыҥыс хаан ыйааҕыныы, Чыҥкынас тыалтан тыыннанан, Саймаархай салгынтан санааланан Саха урааҥхай барахсан -- Үгүс үйэлэргэ үөскээбитэ дэһэллэр.
    С. Зверев
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. джаг. чиҥгиз ʽвеликий, сильныйʼ

«Ч» буукуба