ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чээл

даҕааһын

Нууччалыы нежно-зелёный, ярко-зелёный

1 даҕааһын #

Олус чаҕылхай от күөх (айылҕа өҥүн этэргэ)

Нууччалыы Нежно-зелёный, ярко-зелёный (цвет природы)

  • Хатыҥ мастарым, кэтиҥ Хаарыан хампа киэргэлгитин, Чээл сэбирдэххитин сирилэтиҥ, Тэлим сиккиэргэ бигэтиҥ!
    Күннүк Уурастыырап
  • Чэлгий, муҥутаа, Чээл мыраан!
    С. Зверев
  • [Мин] Лена эбэ хотуну сайын чээл үөһүгэр саамай көҕөрөн-наҕаран, ситэн-силигилээн турдаҕына -- көрбүтүм
    В. Протодьяконов

2 этии #

Этиилэр

Чээл күөх

чээлэй күөх диэн курдук (көр күөх).

  • Таптыыбын, айылҕа барахсан, Унаара долгуйар чээл күөххүн.
    М. Ефимов
  • Айылҕа барахсан итиччэ чээл күөҕүнэн наҕарбытын хаһан да көрбөтөхпүн көрбүт курдук буоллум. КНЗ ОО. Үүнээйилэр үгүстэрэ чээл күөх өҥнөөхтөр. КВА
    Б. Ср
Өссө холобурдар (1)
  • п. -монг. чал коке ʽтемнолазуривыйʼ, монг. чэл ʽсветлый, светлозелёный, светлоголубойʼ

«Ч» буукуба