Перевод с якутского
чээччэй
туохтуур
Нууччалыы ходить взад-вперёд, кружить в одном месте
1 туохтуур #
Биир сиргэ уһаты-туора сырыт, кэл-бар
Нууччалыы Ходить взад-вперёд, кружить в одном месте
Саҥа түспүт сыа хаарга эһэ суола чээччэйбит. В. Титов Кырынаас чээччэйбит бу манан, Ол онон солоҥдо бугуйбут, Быйаҥ хаар аатыгар махтанан Баар кыылым барыта суруйбут. В. Дедюкин Сарсыныгар кэлэн айаларын көрбүтэ, саһыла, сэмээр кэлэн баран, айаларга чугаһаабакка, тула чээччэйбит уонна баран хаалбыт. ЧМА СТС СЭ
2 туохтуур #
чэчиргэт диэн курдук. Саас муус көтөҕүллүөн иннинэ, баҕаналары хам ыла тоҥмут мууһу тула чээччэйэн көйүллэр. СДН СФУуХМ. Скульптор баһаам улахан ньыгыл мыраамартан биэс аҥаар миэтэрэ үрдүктээх "Давид" диэн статуяны чээччэйэн оҥорбута. АЕВ ОҮИ. Биир сыарҕабытын муус хам ылан кэбиспит. Ону сүгэнэн чээччэйэн хоҥнордубут. В. Арсеньев (тылб.)