ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чэҥкээйилээ

туохтуур

Нууччалыы надевать колодку

1 туохтуур #

Табаҕа эбэтэр ыкка чэҥкээйини баай

Нууччалыы Надевать колодку (на оленя или собаку)

  • Хонук сирдэригэр тиийээт, табалары аһылыктаах сиргэ илдьэн чэҥкээйилээн ыыталыыллар.
    Амма Аччыгыйа
  • – Ардай аһыылаахтар кэлбэтэллэр дьол буолуо этэ, – Байанай, баһылык табатын чэҥкээйилээн баран, хайдах эрэ ытырыктаппыт киһи курдук эттэ.
    В. Протодьяконов
  • Муус көйөн, уулларан, чаанньыгы оргутан чэйдээн баран, тахсан табалары чэҥкээйилээн ыыттылар
    ХС

2 туохтуур #

Кимиэхэ эмэ бэйэҥ кыһалҕаҕын сүктэр, быһааттар

Нууччалыы Взваливать проблемы на кого-л

  • Кыһалҕатын кэпсээн киһини чэҥкээйилээтэ

«Ч» буукуба