Перевод с якутского
ыалдьыы
аат тыл
Нууччалыы заболевание, болезнь. [Бырдаахап:] Ээ, бэрт улахан ыалдьыы суох
1 аат тыл #
Ханнык эмэ ыарыыга ылларыы
Нууччалыы Заболевание, болезнь. [Бырдаахап:] Ээ, бэрт улахан ыалдьыы суох
Көннөрү сүрэҕим көбөр, мэйиим эргийэр. Н. Неустроев Ыалдьыы буолбатах, кырдьыы миигин ордук кыайда быһыылаах. Амма Аччыгыйа Байбал кыыһа ыалдьыытыгар бэйэтин буруйдааҕынан ааҕынар А. Фёдоров
2 аат тыл #
Ким, туох эмэ туһунан искэр мэлдьи дьиксинэ, дьаархана сылдьыы
Нууччалыы Тревога, беспокойство, переживание за кого-что-л
Эһиги көлүөнэ үлэҕэ бэринии, уопсай дьыала туһугар ыалдьыы эҥин диэни билбэккит, билэ да соруммаккыт. Далан Кырдьык даҕаны, "ыалдьыы" диэн тугуй? Ол аата кимиҥ эмэ түһэн биэрэн иэдээн буолуо диэн сэрэнэ-сэрбэнэ, куттана олоруу буоллаҕа дии. С. Руфов Кыратыттан улаханыгар тиийэ бэйэ кэлэктиибин иһин ыалдьыы буолар Кыым
Өссө холобурдар (1)
Ким, туох эмэ ыалдьааччыта буолан, кини ситиһиититтэн эбэтэр табыллыбатаҕыттан санааҕын омуннаахтык таскар таһаарыы. Θ Боление, переживание за успехи и неудачи кого-чего-л. (напр., о поклоннике какой-л. команды). Дьэ, манна иһиллэр дуолан үөгүү-хаһыы үлүгэрдээҕэ, ыалдьыы абытайдааҕа Улдьаа Харалы