ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыараҥнат

туохтуур

Нууччалыы взвешивать, прикидывать вес чего-л. (на руках). [Лэглээр] туһаҕыттан куобаҕы ылан ыараҥнатан көрөр, эмиһин билээри, самыытын, быттыгын туппахтыыр

1 туохтуур #

Тугу эмэ илиигэр ыйаан көрөн ыараханын билгэлээ, быһаар

Нууччалыы Взвешивать, прикидывать вес чего-л. (на руках). [Лэглээр] туһаҕыттан куобаҕы ылан ыараҥнатан көрөр, эмиһин билээри, самыытын, быттыгын туппахтыыр

  • Нарыйа күөскэ батыа суох айылаах ыыс араҕас лиһий курдук соболору ылан ыараҥнатан көрбөхтөөтө.
    В. Яковлев
  • Сергей кинигэни ылан имэрийбитэ, ыараҥнатан көрбүтэ
    ХС

2 туохтуур #

Кимиэхэ эмэ суоһурҕанан, күүскүн өттөйөн сутуруккун биэрэҥнэт, сутуруккунан оонньоо

Нууччалыы Трясти кулаками перед кем-л

  • Сүүнэ улахан сутуругун ыараҥнатан баран, остуолга лис гыннара уурда.
    Н. Лугинов
  • Николай ынан кэлэр, сутуругун ыараҥнатар.
    В. Протодьяконов
  • Сутуругун салгыҥҥа ыараҥнатан, өрө-таҥнары күөрэҥнэппитэ
    Чолбон

3 туохтуур #

Ырыҥалаан, ырытан, толкуйдаан көрө-көрө тугу эмэ гын, оҥор

Нууччалыы Делать что-л. обдумывая, взвешивая

  • Чэ, эн, арааһа, санныгар син төбөлөөх ааттаах киһи, аах, үөрэт, ыараҥнат.
    Н. Лугинов
  • Сиэксийэ чилиэннэрэ эмиэ мустан, тула өттүттэн ыараҥнатан дьүүллэспиттэрэ, ырыппыттара.
    Далан
  • Скворцов хас тылын ыараҥнатан эрэрдии бытааннык, боччумнаахтык саҥарда
    Чолбон

«Ы» буукуба