ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыйаа

туохтуур, аат тыл

Нууччалыы помещать что-л. в висячем положении, вешать, подвешивать что-л. на чем-л

English (general) to hang, to suspend

Ис хоһооно · 5

1 туохтуур #

Тугу эмэ туохха эмэ иҥиннэрэн, сиргэ тиийбэт гына иилэн кэбис

Нууччалыы Помещать что-л. в висячем положении, вешать, подвешивать что-л. на чем-л

  • Кинээс үс маҥан ураҕаска үс эттээх соҕус мүһэни ыйаата.
    М. Доҕордуурап
  • Эһэ төбөтүн уҥуоҕун сиргэ бырахпаттар, маска ыйаан, иилэн кэбиһэллэр. КЕФ СТАҮө. [Ойуун] дүҥүрүн, таҥаһын, көмүллүбүт сирин аттыгар харыйаҕа ыйаабыттар
    ЧАИ СБМИ

2 туохтуур #

Киһини ыйааһынын уйар туохха эмэ иҥиннэрэн, быанан моонньохтоон өлөр

Нууччалыы Казнить кого-л. через повешение, вешать

  • "Ыйаа! Сидьиҥ!" – диэн хоруйдаабыта Оксана.
    Суорун Омоллоон
  • Дэриэбинэҕэ фашистар: – Бартыһааннары этиҥ! – диэн, Дьахталлары ыйаатылар.
    Баал Хабырыыс
  • Өлөрүү дьыалатыгар алҕас эриллибит киһини ыйаан өлөрүүттэн быыһаабыт, ол Кришен Сингхигэ дьиҥнээх үөрүү этэ. Индия кэпс

3 туохтуур #

Ыйааһыҥҥа ууран (туруоран) ким-туох эмэ төһөнү үктүүрүн, ыйааһынын бил, быһаар

Нууччалыы Определять на весах вес кого-чего-л., взвешивать

  • Кини этэринэн саахары, бэчиэнньэни ыйыыбын. Софр. Данилов. Сахалар эти, бурдугу, арыыны мэһэмээн ыйааһыҥҥа ыйаан ылсаллара-бэрсэллэрэ. МАП ЧУу. Сүөһү тыыннаах ыйааһынын чуолкайдык билэргэ, ыйаан көрүллэр
    КПЫ

4 этии #

Нууччалыы соотв. Навешивать ярлык. Ону ["ыарахан кылаас" диэн ааттааһыны] ким даҕаны омнуолаабат, кинилэр итинник дьаралык ыйаабыт оҕолорун дьылҕата сарбыйылларыгар ким даҕаны наадыйбат. А. Никифорова

Этиилэр

Дьаралык ыйаа

кимиэхэ-туохха эмэ араастаан аат биэрэн олоҕо суох сыаналаа (үксүгэр сирэн)

5 этии #

Нууччалыы Перемещать кого-что-л. по направлению вверх, поднимать на высоту и держать на весу кого-что-л., приподнимать. – Бу туох куһуй? – Ыстапаан биир бөдөҥ, кытарымтыйан көстөр түүлээх куһу тумсуттан өрө ыйаан тэйгэтэн таһааран эргичиҥнэтэр

Этиилэр

Өрө ыйаан таһаар

кими-тугу эмэ сиртэн үөһэ көтөҕөн таһаар С.

  • Маисов.

Тэптиргэ

туһахха иҥнибит куобаҕы өрө ыйаан таһаарар оҥоһуулаах булт тэрилэ. Хомус Уйбаан. Учуутал кэлэн саҕабыттан өрө ыйаан таһаарда уонна: "Сарсыарда дорооболоһор куолута, өйдөөтүҥ дуо?" – диэт, ыһыктан кэбистэ. "ХС". Ыйаабыт балык түөлбэ. – хаппыт балык.

Вяленая рыба.

  • Маҕаһыыҥҥа ыйаабыт балык атыыланар. Ср. пратюрк. сай, кирг. ас ʽвешать, повеситьʼ

«Ы» буукуба