ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыарырҕат

туохтуур

Нууччалыы испытывать затруднение в чём-л.

1 туохтуур #

Туох эмэ ыараханыттан, ыйааһыныттан күүһүҥ тиийиминэ киэптэт, кыаххын ыллар

Нууччалыы Испытывать затруднение в чём-л. (физически)

  • Сынньаммыт табалар тардыыларын ыарырҕаппакка бэрт чэпчэкитик айанныыллар.
    И. Данилов
  • Кистии уурбут тыытын, ыарырҕаппакка өрө көтөҕөн ылаат, бэҕэһээ үппүт илимнэрин көрө күөлгэ киирдэ. Ойуур Уйбаан. Толору астаах суумкатын ыарырҕатан иһэр.
    ХС
  • Биһиги тыраахтарбытын эһэрбитигэр ыарырҕатар этибит, иккиэ буолан нэһиилэ мотуор уруучукатын эрийэн собуоттуурбут
    ХС

2 туохтуур #

Тугу эмэ гынаргар ыарахаттары көрүс, ыараханнык ылын, тугу эмэ сыралаһан туран оҥор

Нууччалыы Испытывать затруднения, иметь проблемы в чём-л. (умственно)

  • Нина алын кылаастан математиканы ыарырҕатар.
    Т. Находкина
  • Кини сэрии туһунан кэпсиирин ыарырҕатара. "Чолбон". [Аҕам] үлэтигэр ыарырҕатарын аҕынна: "Бэйэҥ билэҕин, суруксута суох эрэйдэнэбин".
    ХС
  • Нуучча тылыттан киирбит в, ф, ш, ж, з дорҕооннору этэргэ саха оҕото ыарырҕатар
    СГФ СТМО
Өссө холобурдар (3)
  • ыарырҕаа 2 диэн курдук. Кууһума суруксут көрдүүрүн нэһилиэк дьоно ыарырҕаппыттара.
    Н. Якутскай
  • Үрэкиин оҕонньор, бэйэтэ билинэринэн, сэттэ сүүс табалааҕын быһыытынан сүүрбэ сыарҕаны тэрийэр буолбутун ыарырҕата олордо.
    Болот Боотур
  • Бэл, атыы-эргиэн дьарыктаах дьон нолуок баһырхайыттан ыарырҕаталлар. "Кыым"

«Ы» буукуба