ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыаһаа

туохтуур

Нууччалыы заделывать, засмаливать швы чего-л. (напр., лодки) расплавленной смолой, варом из берёсты

1 туохтуур #

Тугу эмэ (хол., тыыны) хайаҕаһа суох буолар гына ыаһы, сымаланы уулларан сотон, тэҥ гына тарҕатан сыбаа

Нууччалыы Заделывать, засмаливать швы чего-л. (напр., лодки) расплавленной смолой, варом из берёсты

  • Балыксыттар муҥхаларын куурдан, оҥочолорун ыаһаан, үлэлээн-хамсаан бардылар.
    Н. Габышев
  • Маннык улахан иһити сиик өппөт, уу тэстибэт гына ыпсаран, тигэн, ыаһаан оҥорорго улахан сатабыл, уран тарбах наада. НБФ-МУу СОБ. Хоруобун халҕанынан сабан, тоһоҕолоон баран, тула ыаһаан кэбиспиттэр. Саха сэһ. II

2 туохтуур #

Ыга баттыыр курдук хараҥа буол, лүҥкүрэ сабардаа

Нууччалыы Становиться тёмным, темнеть, мрачнеть, воцаряться (о темноте)

  • Хараҥа былыттар ыаһааннар, Хабараан күүс этиҥ этэрэ.
    Күннүк Уурастыырап
  • Байкалтан Муустаах муораҕа дылы Им-балай, хараҥа ыаһыыра. Эллэй. Имик-самык хараҥаҕа Ыаһаан турар былыт үөһэ Ырыа Дьүрүһүйбүтэ!
    М. Тимофеев

3 туохтуур #

түөлбэ. Муоскун маска сууралаан тириититтэн ыраастаа, сымалатынан хараарт (атыыр тайаҕы, табаны этэргэ)

Нууччалыы Тереться о дерево рогами, очищая их от кожи и черня их смолой (о лосе, олене-самце). [Нүһэр Дархан:] Модун муоһун баараҕай тииккэ Ыаһаан баран сыналыйа сытар Сүүлбүт лөкөй тайахха майгылыыр Бу хара тааска мин былыр [сыламнаан олорбутум]

  • Алыыга тайах муоһун ыаһыыр, күлүгүн кытта охсуһан тула холоруктуу сылдьар.
    Т. Сметанин
  • Онно уулаах отон хойуутук үүнэрэ, хара улар хоноҥнуура, тайах муоһун ыаһыыра
    ХС

«Ы» буукуба