ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыаһын

аат, аат тыл

Нууччалыы доение, дойка

1 аат #

ыа I диэнтэн хай. аата. аат. Ийэ сүөһүнү (хол., ынаҕы) эмиийдэрин тардыалаан, үүтүн ыган сүүрдүү

Нууччалыы Доение, дойка

  • Оттон ыаһын, төрөтүү-ууһатыы, көрүү-харайыы – ол ыанньыксыттар киэннэрэ.
    Далан
  • Ынахтарын майгыларын аны билэн, ыаһыҥҥа хорсун соҕустук ылсыстылар.
    В. Яковлев
  • Эдэр ыанньыксыттар ынаҕы этэтэ суох ыаһын туох ордуктааҕын ким-хайа иннинэ өйдөөбүттэрэ уонна олохтообуттара
    М. Доҕордуурап

2 этии #

Нууччалыы Доение без припуска телёнка к корове

Этиилэр

Туппаҕынан ыаһын

ынаҕы ыах иннинэ ньирэйгэ эмнэрбэккэ эрэ, көннөрү илиинэн туппахтаан этэрэн ыаһын Тукаам, ынаҕы туппаҕынан ыаһын соҕуруу дойдуга олохтоммута ыраатта.

  • Михаил Кутуков ынаҕы туппаҕынан ыаһыны биир бастакынан саҕалаабыта. "ХС"

«Ы» буукуба