ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыаһыр

туохтуур

Нууччалыы забиваться, наполняться табачной копотью

1 туохтуур #

Чоҕойдонон кэһиэҕир, чоҕойго бүөлэт (хамсаны этэргэ)

Нууччалыы Забиваться, наполняться табачной копотью (о курительной трубке)

  • Эбэм хамсата ыаһырбыт.
  • Аны хамсата ыаһыран сообурҕаабыт – ити барыта ардах-хаар битэ
    Болот Боотур

2 туохтуур #

Дьиппинийэ хараҥар, харааран көһүн, саппаҕыр (хол., этиҥ былытын этэргэ)

Нууччалыы Становиться тёмным, отяжелевшим, непроницаемым, темнеть (напр., о грозовых тучах)

  • Үөһэ ыаһырбыт былыттар өрө-таҥнары үөмэхтэһэллэрэ. Софр. Данилов. Муора үрдүк былыттара Ордук ыараан, ыаһыран, Намырыһан бардылар.
    И. Чаҕылҕан
  • Ол күн сир-дойду бүтүннүү лүҥкүрэн, ыаһыран, аан дойду барыта хобдох-курус көрүҥнэммит этэ.
    НЕ

3 туохтуур #

Дьиппиэн, тыйыс көрүҥнэн, дьиппиэр, тыйыһыр

Нууччалыы Быть, становиться угрюмым, иметь мрачный вид, мрачнеть, насупливаться

  • "Ыык, доҕор!" – аныаха диэри саҥата суох ыаһыран, истэн олорбут Киил оҕонньор, дьиксиммит санааҕа, олус улаханнык көхсүн тыаһатан кэбистэ.
    Н. Лугинов
  • [Сүөдэр] Кылаана тостубут Кыһыытын кыатанан, Кытарда, ыаһырда.
    С. Васильев
  • "Эн харчыҥ наадата суох", – оҕонньор ыаһыран туран кэллэ. В. Бианки (тылб.)

«Ы» буукуба