Перевод с якутского
ыгылын
этии
ык диэнтэн атын. туһ. Үрдүк таас дьиэлэринэн ыгыллыбыт куорат уулуссаларынан да иһэн, мин эйигин куруутун ахтабын. Далан Ыар хоппо дулҕаны тимирчи олордо, дулҕа төрдүттэн бадарааннаах хара уу ыгыллан таҕыста. Л. Попов Куйаастан ыгыллыбыт мутукча сыта минньигэстик аҥылыйар. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (2)
Хараҕыттан уу ыгыллан тахсыбытын эрбэҕинэн иилэн ылан илгэн кэбистэ. М. Доҕордуурап Макар Васильевич, ыгыллыбыт куобахтар эн турар хордоҕоскунан күүскэ кэлиэхтэрэ. Эр бэрдэ, тутта түһэн хаалаар эрэ. С. Юмшанов
Этиилэр
Тыына-быара ыгыллар көр тыын II
Тугу да үлэлээбэккэ, таах олороруттан тыына-быара ыгыллара. Н. Якутскай Айан киһитэ көхсө кыараҕастыйан, тыына-быара ыгыллан барда. Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
Рита Аммаҕа барарыттан үөрэ ахан сылдьар. Тыаҕа үөскээбит буолан, куоракка тыына-быара ыгыллар быһыылаах. А. Николаев