Перевод с якутского
ыгыччы
сыһыат
Нууччалыы битком
Ис хоһооно · 4
1 #
сыһ
Киэһэ эбэм муҥха эмис соботун киллэрэн алтан күөскэ ыгыччы буһарда. С. Маисов Туумба иһэ саҥа дьыллааҕы бадаарагынан ыгыччы туолара. Айысхаана. Куусапка кыыл этэ ыгыччы тиэйиллэ сылдьыбыта. ПИП ОТ Олус хойуутук, бэйэ-бэйэлэригэр сыста (хол., үүн – от-мас туһунан). Θ Очень густо, плотно (напр., расти – о растениях). Балаҕан оннун тула сылын аайы араас сыыс от ыгыччы үүнэр. И. Сосин
Өссө холобурдар (4)
Манна урукку холкуос солооһун бааһыналарыгар моонньоҕон ыгыччы үүнэр буолбута ыраатта. ХС Элбэх сыллаах от сатыы дьон киирэн кыайан хаампат гына ыгыччы үүнэн турдаҕына, ханнык да бэйэлээх киһи хараҕа астынар, халтарыйар көстүүтэ Чолбон Элбэхтик, халыҥнык (хол., хаар түһэрин туһунан этэргэ). Θ Обильно, глубоко (напр., о выпадении снега). Ааны аһаат, хараҕа саатан чарапчылана түспүтэ: тула туох барыта муус маҥан буолбут, хаар ыгыччы түһэн кэбиспит этэ. Далан Биир олус халыҥ хаардаах кыһын хаар ыгыччы түһэн, ол былаахы мутугунан тостон, тэрээсэ үрдэ сууллубут. КК. Кыһалҕатыгар, ол күһүн бурдугу охторо сырыттахтарына хаар ыгыччы түһэн кэбиспитэ БТУоТ
2 #
Наһаа толорутук; төһө батарынан ыга симэн
Нууччалыы Очень туго, плотно; битком
3 #
Ыга тотор гына, астына тото-хана (аһаа)
Нууччалыы Сытно, плотно (есть, кушать)
Мин бэйэм дьиэбэр-уоппар сарсыарда тото-хана ыгыччы аһыыры сөбүлээччибин. В. Протодьяконов Ыгыччы аһаан баран утуйарга бардым. ЕМП БС. Ыарыһах ыгыччы аһыа суохтаах, күҥҥэ түөрт-биэс төгүл олус топпот курдук аһыахтаах АВТ ГСЭ
4 #
Олус күүскэ
Нууччалыы Очень сильно (напр., натопить печь)
Холку бэйэлээх Арассыыйа успуорт кэмитиэтин бэрэстэбиитэлэ В. В. Скоков ыгыччы кыыһыран хаалла, мөҕүү бөҕөтүн мөхтө. ВВ ТТ. "Хата, оҕонньоор, икки сыллааҕыта оһохпун ыгыччы оттон баран сабан хаалларбытым, онон бырылас сылаас дьиэҕэ тиийиэҥ диэбэккин дуо?" – диэбитэ. Георг Васильев