ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыдьырый

туохтуур

Нууччалыы въерошиться, растрепаться, разлохматиться

Ис хоһооно · 6

1 туохтуур #

дьүһ. туохт

  • Ыдьырыйа туран хаалбыт баттахтаах -- күтүр улахан киһи кумааҕыны көрө олорор.
    Н. Түгүнүүрэп
  • Иккис тэпилииссэҕэ араҕас сибэкки кыбытыктардаах оҕурсу адаархай угунан ыдьырыйа тоһуйда.
    В. Яковлев
  • Болкуобунньук түөһүн түүтэ ыдьырыйан көстөр. К. Симонов (тылб.)

2 туохтуур #

Хойуутук будьуруччу үүнэн таҕыс (үксүгэр баттах, түү туһунан этэргэ)

Нууччалыы Въерошиться, растрепаться, разлохматиться (обычно о волнистых или кудрявых волосах, шерсти)

3 туохтуур #

Сүүскүн, сирэйгин мыччыһыннар; мыччыстаҕас, быһыттаҕас буол (киһи сүүһүн, сирэйин этэргэ)

Нууччалыы Делать гримасу, сморщив лицо, лоб, сморщиваться; покрываться морщинами (о лице, лбе)

  • Эр киһи, аллараа сыҥааҕын ыһыктан, тииһэ килэйэн икки илиитин даллаччы туттан, утары ыдьырыйан турда.
    Болот Боотур
  • Кып-кыһыл ыдьырыйбыт сирэйдээх -- сонос киһи мас кириэһилэҕэ тиэрэ түһэн, саабылатыгар тайанан олороро.
    Н. Якутскай
  • "Баҕайы, ыдьырыйан түһэн, сирэйэ тугун ынырыгай", – дии санаан киэр хайыһан кэбиспитэ. Ойуку. Аттыгар сирэйэ баллайа испит Сөдүөт ыдьырыйан турара
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Быдьырыйан, лоппоруттан таҕыс (хол., эмис эти буһардахха). Θ Делаться бугристым, иметь зернистую или комковатую поверхность (напр., сваренное жирное мясо). Күөстэн ыдьырыйбыт сыалаах эти хоторон таһаарда

4 туохтуур #

Эрилийэ ытыллан бурулуй, күүгэннир; оннук буолан көһүн (хол., сүүрүгү, долгуну этэргэ)

Нууччалыы Волноваться и пениться, бурлить, клокотать, образуя на поверхности воды, бугры волн

  • Хараҥа былытынан сабыллыбыт Балтика, күүстээх тыал быһыта курбуулууруттан, араастаан будулуҥнуур, ыдьырыйан ыла-ыла түүрүллэҥниир.
    М. Доҕордуурап
  • Урут бу хайа тэллэҕэр дьоҕус күөл чөҥөрүйэ мэндээрэрэ. Оттон билигин киһи билбэт буолбут, ыдьырыйа долгуннуран, дьалкылдьыйа сытар.
    А. Кривошапкин
  • Мин аллара көрбүтүм: оҥочо тулатыгар хараара ыдьырыйбыт долгуннар үөмэхтэһэллэрэ. И. Тургенев (тылб.)

5 туохтуур #

Уутуйан, бысталанан, оллур-боллур буолан көһүн (былыттаах халлаан туһунан этэргэ)

Нууччалыы Скучиваться неровно, местами густо, с просветами, принимая творожистый вид (напр., о перистых облаках)

  • Бүгүн халлаан бэркэ ыдьырыйан турар.
    Р. Кулаковскай
  • Балтика халлаана араастаан ыдьырыйан ылаттыыр.
    М. Доҕордуурап
  • Ыдьырыйа харааран, Халлааҥҥа былыт сыҥна
    Д. Васильев

6 туохтуур #

Аһыйан хаалан араҕыс, иир (үүт, сүөгэй туһунан этэргэ)

Нууччалыы Свернуться, створажиться (о молоке, сливках, сметане)

  • Үүт иирэн ыдьырыйбыт.
  • Хаан уонна үүт ыдьырыйа бөлүөҕүрэр. Ону уокка кыратык буһара түһээт сииллэр.
    Н. Абыйчанин
  • Ср. бур. шармагтаха ʽсвернуться (о молоке)ʼ

«Ы» буукуба