ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыйдан

туохтуур

Нууччалыы быть освещённым луной

1 туохтуур #

Ыйдаах буол (халлаан, түүн туһунан)

Нууччалыы Быть освещённым луной (о небе, ночи)

  • Халлааммыт ыйдаммыт

2 туохтуур #

Хас эрэ ыйдаах хат буол (дьахтары этэргэ)

Нууччалыы Быть на каком-л. месяце беременности (о женщине)

  • Иккис сылыгар кыыс хат буолар. Оҕото алта-сэттэ ыйданан биллэр буолтун кэннэ, биир сарсыарда уһуктаат, эригэр түүлүн кэпсиир.
    Саха фольк
  • [Хат буолан] Биир хонон – Биир ыйданна, Икки хонон – Икки ыйданна Бэһис ыйыгар Бэлиэтэнэн көрүннэ
    П. Ойуунускай

3 туохтуур #

Хаанныр (дьахтар мааткатыттан ый аайы хаан кэлэрин этэргэ)

Нууччалыы Иметь месячные, менструацию

  • Татыйаана даҕаны оҕолонуон баҕара саныыра. Ыйданара кэллэҕин аайы "оҕо үөскээбитэ буолаарай?" – диэн кэтэнэн көрөр да, туох да уларыйыы биллибэт этэ.
    Н. Якутскай
  • Маайа ыйданар кэмэ көннөрү ааһан хаалбытыттан сүрэҕэ "пар" гына түспүттээҕэ: "Бу иэдээни! Ити аата, оһоҕостоммуппун…"
    П. Аввакумов
  • Гигиенаны тутуһар доруобай дьахтар, туга да ыалдьыбакка эрэ, үчүгэйдик ыйданар
    ЮВА ДьГ

«Ы» буукуба