ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сырдаа

туохтуур

Нууччалыы светать, рассветать

Ис хоһооно · 7

1 туохтуур #

Күн тахсара чугаһаан суһуктуйан бар, сараа

Нууччалыы Светать, рассветать

  • Хараҥа арыллан, дьэҥкэрэн, халлааммыт кылбаара сырдаата.
    Күннүк Уурастыырап
  • Сарсыарда аайы халлаан атын кэрэтик сырдыыр, күн туспа үчүгэйдик тахсар эбээт!
    Амма Аччыгыйа
  • Сарсыарда халлаан сырдаан барда. Туман көтөн эрэр
    Т. Сметанин

2 туохтуур #

Уотунан тык, күлүмнээ, умай (ый, күн, лаампа туһунан)

Нууччалыы Светить, светиться, сиять, блестеть

  • Күн кинилэр эрэ тустарыгар тахсара. Ый, сулустар эмиэ кинилэргэ эрэ анаан сырдыырга дылылара.
    Н. Лугинов
  • Көмүлүөк оһохтор күөдьүйэн, Күлэ-сала сырдаатылар.
    С. Васильев
  • Бу көрө-истэ олордоҕуна чугас соҕус уот сырдаан көһүннэ. Бырааттыы Гриммнэр (тылб.)

3 туохтуур #

Маҥхайан, туналыйан көһүн, күндээр

Нууччалыы Озаряться, быть освещённым чем-л., выделяться белизной, белеть

  • Чаҕылҕан чаҕылыйда, иннибэр улахан таас хайа сырдаан көһүннэ.
    Т. Сметанин
  • Томтойон, туртайа сырдаан Ыраах Днепр дьиримниирэ.
    Баал Хабырыыс
  • Сыа хаар тэлгэнэн, сир ийэ сырдаан, туналыйа сытар
    М. Доҕордуурап

4 туохтуур #

Сырдыктан буорту буолан хаал, туһаттан таҕыс (хаартыска түһэрэр пүлүөҥкэ, хаартыска бэчээттиир кумааҕы туһунан)

Нууччалыы Засвечиваться (о светочувствительной плёнке, фотобумаге)

  • Фотоплёнкабыт сырдаан хаалбыт

5 туохтуур #

Билииҥ-көрүүҥ хаҥаан, сайдан, өйгүнэн-санааҕынан ырааһыр

Нууччалыы Созреть духовно, умственно, стать сознательнее, культурнее

  • Микиитэ өйө сырдаан иһэргэ дылы буолла.
    Амма Аччыгыйа
  • Норуоппут сырдаата, дьон-сэргэ сайынна, "Абырыыр" таҥара эһиннэ, Албына, суоҕа дьэ билиннэ.
    Күннүк Уурастыырап
  • Күн аайы хайдах эрэ күүстэрэ-уохтара эбиллэн, өйдөрө-санаалара сырдаан иһэр курдуга
    М. Доҕордуурап

6 туохтуур #

Ис-искиттэн өрө көтөҕүллэн үөрүүнэн, дьолунан сыдьаай, иэй

Нууччалыы Сиять, светиться, светлеть, освещаться внутренним светом (напр., о лице)

  • Кини кэрэтэ хайдах эрэ иһиттэн сырдаан, сардаҥаран тахсарга дылы гынара, ол курдук көрүүтэ-истиитэ, туттуута-хаптыыта, таҥаһа-саба – барыта сөп, киһи сүрэҕин-быарын ортотунан киирэрэ.
    Суорун Омоллоон
  • Дьахтар сырдыы түспүтэ, улаханнык махтанарын эппитэ.
    Болот Боотур
  • Итини истэн мин дууһам сырдаан кэллэ
    М. Доҕордуурап

7 этии #

Нууччалыы Почувствовать облегчение, вздохнуть свободнее (напр., после болезни)

Этиилэр

Сирэйэ-хараҕа сырдаабыт көр сирэй-харах

  • Ылдьаана үөрэн кэрэ сирэйэ-хараҕа дьиктитик сырдаата.
    Амма Аччыгыйа
  • Кыысчаан сылаас чэй иһэн, аһаан-сиэн хайдах эрэ, сирэйэ-хараҕа сырдаабыт этэ.
    И. Федосеев

Хараҕа сырдаата

1) арыый кэҥээтэ, холкутуйда (ыарыы кэнниттэн) Уолчаан, сыаны хаба тардан ылан, тииһинэн хадьырыйбыт, сии охсон кэбиспит, хараҕа сырдаабыт, сэниэлэммит. И. Гоголев; 2) көхсө кэҥээтэ, уоскуйда.

Смягчиться, потеплеть, оттаять душой.

  • Ити истиҥ, эйэҕэс тыллартан, көмүлүөк оһох элэккэй сылааһыттан сылайбыт, аччыктаабыт эрэйдээхтэр көхсүлэрэ кэҥээтэ, харахтара сырдаата.
    И. Гоголев
  • Хааман истэҕин аайы арыый холкутуйан, төрүт да киэҥ киһи көхсө улам кэҥээн, хараҕа сырдаан барда.
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. ДТС йару ‘светить, сиять’, хак. чары ‘светить, освещать’, кирг. сыр ‘краска’, сырда ‘красить, окрашивать’

«С» буукуба