ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыйдар

туохтуур

Нууччалыы просить указать

English to ask someone to indicate something

1 туохтуур #

Нууччалыы просить указать

English to ask someone to indicate something

  • суолу ыйдар
    попросить показать дорогуto ask someone to show the way

2 туохтуур #

Кимтэн эмэ тугу эмэ (хол., суолу, аадырыһы) ыйан биэрэригэр көрдөс

Нууччалыы Просить кого-л. показать дорогу (или чей-л. адрес)

  • Куораттааҕы доҕорум дьиэтин ыйдаран-ыйдаран нэһиилэ буллум.
  • Оттон киһитэ, дьэ туран, аһыыр уонна оттуур хадьымалын ыйдарар.
    Саха фольк
  • Аара биир киһиттэн ыйдаран, муммакка тиийэн, ыскылаат хонтуоратыгар киирбитэ.
    А. Софронов
Өссө холобурдар (1)
  • Кыһыллар буоллахтарына, барар суолларын ыйдаран, ыҥыырдара-сэптэрэ алдьаммытын абырахтанан, сирдьит киһи булларан, көмөлөһүннэрэн барбыттар
    Эрилик Эристиин

3 туохтуур #

Тугунан эмэ сирдэт, тугунан эмэ сирдэтэн айанныыр хайысхаҕын быһаар

Нууччалыы Определять по каким-л. ориентирам направление своего движения, следования. [Манчаары] отунан-маһынан ыйдаран, үрэхтэр хайа диэки сүүрдэллэриттэн сылыктаан, эмиэ дойдутун диэки бараахтыыр

  • Брусневтаах эмиэ ый быыһа ыас хараҥаҕа Араҕас сулуһунан ыйдаран айанныыллар.
    П. Филиппов
  • [Коля:] Итини барытын ааҕаҕын дуо? [Аркаша:] Барытын да буолбатар, манан ыйдаран эмтиибин
    С. Ефремов

«Ы» буукуба