ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыйыт

туохтуур, аат тыл

Нууччалыы обращаться к кому-л. с вопросом, спрашивать, расспрашивать, осведомляться

English (communication) to ask

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Кимтэн эмэ тугу эмэ истээри, билээри, чуолкайдаары боппуруоста биэр, сураа

Нууччалыы Обращаться к кому-л. с вопросом, спрашивать, расспрашивать, осведомляться

  • Хаһан үчүгэй олоххо тиийиэхпиний? – диэн Имииһит оҕонньор, мин оҕо эрдэхпинэ, түүлүн кэпсээн баран, ыйыппыта.
    П. Ойуунускай
  • – Эн туохтан ордук куттанар буолаҕын? – диэн Эһэ Саһылтан ыйыппыт.
    Суорун Омоллоон
  • – Дьэ, доҕоор, Доромоон, иэспин тугунан төлүүгүн? – диэн ыйытта атыыһыт дьиэлээхтэн.
    Күндэ
Өссө холобурдар (1)
  • Бу ханналаан иһэбит, доҕоор? – диэн, баран иһэн, аргыспыттан ыйытабын
    Т. Сметанин

2 туохтуур #

Кэргэн тахсарын, кэргэн буоларга сөбүлэһэрин бил; кэргэн ыларга кэпсэт (былыр кэргэн ылар ыалларыгар анаан-минээн, кэһиилээх-тойдоох, кэпсэтэр киһилээх тиийэллэрэ эбэтэр кэргэн кэпсэтэр уол аатыттан суорумньуну тэрийэн ыыталлара)

Нууччалыы Делать кому-л. предложение стать женой, просить чьей-л. руки

  • Уйбаан Бырдаахап кырдьаҕас, Марыына диэн оҕоҕун биһиги ыйыта кэлэн олоробут.
    Н. Неустроев
  • "Бу Харытыананы ыйытыҥ, сөбүлүүр буоллаҕына ойох ылан, күһүҥҥүттэн туспа ыал буолуом этэ", – диир.
    П. Ойуунускай
  • Кырдьык, Мэхээһи кытта саастыы уолаттар үксүлэрэ кэргэннээхтэр. Оттон Мэхээс билиҥҥэ диэри биир да кыыһы ыйыта илик
    Ф. Захаров

3 туохтуур #

Кимтэн эмэ тугу эмэ ыларга көҥүллэт

Нууччалыы Спросить у кого-л. разрешения на что-л., попросить у кого-л. что-л

  • Киэһэ күтүөм харабыынын, чугаһатар оптикатын хоппоҕо уура сылдьарын ыйытан ыллым. ЕМП БС. Уоруу аата уоруу, эн биир да солкуобайы, бүтүн ынаҕы да ыйыппакка ыл, син биир уоруу. Сиэн Чолбодук. Онон, хата, эйигиттэн тугу да ыйыппакка албыннаан… кыбыстыыга киллэрбиппэр мин бырастыы гын диэн көрдөһөбүн
    Чолбон

4 этии #

Нууччалыы Вопросительное местоимение

  • Ыйытар солбуйар аат тыл үөр. – барамайы, дьону, кинилэр бэлиэлэрин уонна хайааһын буолар кэмин, миэстэтин, хайысхатын о. д. а. ыйытан бэлиэтиир солбуйар аат Ыйытар солбуйар аат туттуллуута кэпсэтии түгэнин кытта ыкса сибээстээх. СБТМ. Ыйытар уонна быһаарыылаах солбуйар ааттар бары түһүктэнэр буолбатахтар. ВИП СТПС. Ыйытар солбуйар ааттары, үөскээбит олохторунан көрөн, хас да бөлөххө наардыахха сөп. СБТ
    М. Ср
  • ДТС айыт ʽспрашивать, обращаться с вопросомʼ, кирг. айт, кум. айтмак, тат. эйтү ʽговоритьʼ

«Ы» буукуба