ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыйыр

туохтуур, аат тыл

Нууччалыы пить, глотать

I

1 туохтуур #

Убаҕаһы омурдан ис, тугу эмэ ыйыстан кэбис

Нууччалыы Пить, глотать

  • Куудумньулаах маҕалайдаах Ыстаабакка ыйырда.
    И. Чаҕылҕан
  • Оҕо утуйа сытан сөтөлүннэ. Сөтөллөн баран силин кытта тааһы ыйырда.
    Күндэ
  • Алыптаах айыым кыыла -- Ымыр да гыммакка, Ыйыран чылып гыннаран кэбистэ.
    С. Зверев
Өссө холобурдар (1)
  • Ыйырар тыаһа бүтэҥитик куллурҕаан иһиллимэхтиир. Хомус Уйбаан. Ср. ДТС саҕур ʽглотать, впитыватьʼ, уйг. сиҥир, сигир ʽпроглатыватьʼ, тув. сыыр ʽглотатьʼ
II

2 аат тыл #

Киһи биирдэ ыйыстар убаҕаһа

Нууччалыы Один глоток напитка (как народная мера)

  • Ыйыр да хаалбатах, барытын испиттэр.
  • Кыыча биир да ыйыры, биир да тооромоһу айаҕар ылбатаҕа. Софр. Данилов. Сүүрбэччэ киһиэхэ биирдии ыйырдыы тигистэ. К. Симонов (тылб.)

«Ы» буукуба