ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыйытык

аат тыл

Нууччалыы обращение, требующее ответа, вопрос. – Ол куортамнаһар хосторугар ыйы-ыйынан олорботтор ини? – диэн Надя Парканская ыйытык кыбыппыта

1 аат тыл #

Кимтэн эмэ этэригэр, хардарарыгар, быһаарарыгар ирдэһии, туоһулаһыы

Нууччалыы Обращение, требующее ответа, вопрос. – Ол куортамнаһар хосторугар ыйы-ыйынан олорботтор ини? – диэн Надя Парканская ыйытык кыбыппыта

  • Атын да уустук ыйытыктарга ааҕааччыны астыннарар эппиэттэри булуохха наада. Багдарыын Сүлбэ. Санаабар ыйытыктарбын дэлби чөкөтүнэн тахсабын
    П. Чуукаар

2 аат тыл #

Тугу эмэ оҥоруох иннинэ кимтэн эмэ көҥүллэтии

Нууччалыы Просьба дать разрешение на что-л., испрашивание разрешения на что-л. [Кириисэ:] Ыаллар сэптэрин-сэбиргэллэрин ыйытыга суох дьиэ таһынан илдьэ баран хаалаллар

  • "Кыргыттар ыйытыга суох миэхэ биэссэри ыҥырдахтара", – дии санаатым
    И. Данилов

3 аат тыл #

Быһаарыы көрдүүр официальнай ыйытыы

Нууччалыы Требование официального разъяснения по какому-л. делу, запрос

  • Дьокутаат ыйытыга.
  • Норуот талыллыылааҕа оройуон Сэбиэтин исполкомугар дьокутаат быһыытынан ыйытык оҥорбута. "Саха с. ". Дьокутааттар ыйытыктара – былаас уорганнарын быһаарыыларын толорууну хонтуруоллааһын көдьүүстээх пуормата. ПА. Ногин совнаркомҥа бэлитиичэскэй балаһыанньа туһунан ыйытык түһэрэр
    ФЛА ВИЛО

«Ы» буукуба