Перевод с якутского
ыксал
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы стремление быстрее сделать что-л. или идти куда-л., спешка, торопливость
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Тугу эмэ оҥоро охсоору эбэтэр ханна эмэ бараары тиэтэйии, түргэнник, ыгымнык туттуу
Нууччалыы Стремление быстрее сделать что-л. или идти куда-л., спешка, торопливость
Артамыан ыксал бөҕөнөн ойуоккалаан кэлэн -- дьиэ ортотугар баар буола түстэ. А. Бэрияк Барыта ыгым, ыксал, мүнүүтэҕэ тиийэ сыаналанар күн-дьыл үүммүт. И. Никифоров Ыгылыйыы, ыксал, тыын былдьаһыыта диэн дьэ манна [куота охсорго] кэлбитэ В. Яковлев
Өссө холобурдар (2)
Сарсын окко киирээри ыксал хомунуу буолла. Ыксал сорудаҕы биэрдилэр. Ыксал ыҥырыы ыраатта, Тиэтэл бэбиэскэ кэллэ
Өксөкүлээх Өлөксөй
2 аат тыл #
Кими эмэ соһуччу өмүтүннэрэр, уйулҕатын хамсатар мүччүргэннээх быһыы, иэдээн, алдьархай
Нууччалыы Неожиданная угроза, опасность, беда, застигнувшая кого-л. врасплох
Ыксал, кыһыы буолла, Ытамньыйда, кыранна. Күннүк Уурастыырап Ити икки ардыгар өстөөхтөрө өссө чугаһаабыттара. Ыксал бөҕө буолбута. Д. Таас Ыксал буоллаҕына, күрүө анныгар ньылбыс гынан биэриэх санаалаахпын Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (2)
Ыксал [кыайтарар] күн кэллэҕинэ, илиитэ-атаҕа суох буолан хаалыллыа. Эрдэ-сылла Тураах аймаҕы уонна Хабахтары тутан ылан, имнэри эһиэххэ наада. Эрилик Эристиин Ыксал да, куттал да күҥҥэ Ытыыры билбэтэхпит И. Эртюков
3 даҕааһын #
Уһаппакка, түргэнник оҥоһуллар, толоруллар, тиэтэллээх
Нууччалыы Требующий немедленного выполнения, спешный, срочный
4 даҕааһын #
Ыарахан балаһыанньаҕа түбэһэр, кутталлаах, алдьархайдаах
Нууччалыы Опасный, страшный, напряжённый. [Манчаары:] Ыксал күн ыктаҕына, Ытыы олорума, ылбардыырыам