ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тиэтэл

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы срочность

English haste, urgency

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Нууччалыы срочность

English haste, urgency

  • тиэтэлинэн сырыт
    отправиться спешноto go somewhere with haste / posthaste

2 аат тыл #

Тугу эмэ оҥороору эбэтэр туохха эмэ ыксал, тиэтэйии

Нууччалыы Торопливость, спешка. [Бокуом:] Бэйэм да тиэтэлгэ сылдьабын

  • Сырыым, соругум тиэтэл этэ
    Н. Якутскай
  • Тиэтэл киһи.
  • Түргэн сырыылаах түптэ кутурук, тиэтэл сырыылаах тэлээр тэллэх (өс хоһ.)

3 даҕааһын #

Туохха барытыгар ыксыыр үгэстээх, олус ыксаллаах

Нууччалыы Торопливый, спешный

4 даҕааһын #

Түргэнник толоруллары ирдиир, суһал (дьаһал, ыйаах)

Нууччалыы Требующий быстрого исполнения, срочный, спешный, неотложный

5 этии #

Нууччалыы Сильно торопиться, спешить

Этиилэр

Тиэтэл үөһэ (тиэтэлгэ) түс

туохха эмэ олус ыксаа, түргэтээ Арыыска бэрт тиэтэлгэ түһэ сылдьар.

  • Ити кэннэ кинилэр Иэдээн буолбут сириттэн Тэскилииргэ тэринэн Тиэтэл үөһэ түһэллэр. "ХС"

«Т» буукуба