ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тиэтэлинэн

Нууччалыы очень быстро, в спешке, торопливо

1 #

Олус ыксаан, ыксалынан, түргэнник (тугу эмэ гын, оҥор)

Нууччалыы Очень быстро, в спешке, торопливо (делать что-л.)

  • Даайыс тиэтэлинэн ону-маны хомуйар.
    А. Софронов
  • Тиэтэлинэн бырастыылаһан булумахтаһыы буолла.
    Амма Аччыгыйа
  • "Тыый!" – Уламдьы оҕонньор тиэтэлинэн таһырдьа бөкөрүйдэ
    И. Данилов

2 этии #

Этиилэр

Кыл тиэтэлинэн көр кыл

  • Кыыс кыл тиэтэлинэн суругу аахта.
    М. Доҕордуурап
  • Оҕолор кыл тиэтэлинэн таһырдьаны былдьаспыттара. "Чолбон"

3 этии #

(Бэрт, сүр) тиэтэлинэн – олус ыксаан, наһаа түргэнник Саллааттары бэрт тиэтэлинэн арҕаа ыыталыы оҕустулар. Амма Аччыгыйа. Маша сүр тиэтэлинэн өрүс диэки тэлээрдэ. А. Сыромятникова

Нууччалыы Торопясь, второпях, поспешно

«Т» буукуба