ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ылбычча

сыһыат, даҕааһын

Нууччалыы необдуманно, опрометчиво

1 сыһыат #

Уһуну-киэҥи толкуйдаабакка, санаабычча, уолҕамчытык (тугу эмэ гын)

Нууччалыы Необдуманно, опрометчиво

  • Солуута суох, ылбычча саҥарыма.
  • Ылбычча сананан, тутахтык быһаарынан пиэрмэр буолбаккын
    Кыым

2 сыһыат #

Тута, тута бааччы; кэбэҕэстик, дөбөҥнүк

Нууччалыы Тут же, сразу; так просто, легко

  • Балай эмэ ыраас хонууну ылбычча була охсор кытаанах.
    Күннүк Уурастыырап
  • Булт суолун күннүктээн ирдииргэ Миигин ылбычча куоппаккын.
    П. Тобуруокап
  • Хата, оннук баҕа ылбычча көстүбэт
    Н. Павлов
Өссө холобурдар (3)
  • Элбэх тыынньалаах киһиэхэ ылбычча дьахтар эргэ бара тардара биллибэт.
    Болот Боотур
  • Ылбычча киһи хомус санаатын таппат.
    И. Гоголев
  • Онон ити [абааһылаах] дьиэҕэ ылбычча киһи хоммот буолбут
    Н. Габышев

3 даҕааһын #

суолт. Көннөрү, дьонтон туох да уратыта, уһулуччута суох

Нууччалыы Обыкновенный, ничем не выделяющийся от других, всякий

«Ы» буукуба