ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ылгын

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы младший, самый маленький в семье, пользующийся особым расположением, покровительством, находящийся на особом положении

Ис хоһооно · 4

1 даҕааһын #

Дьиэ кэргэҥҥэ ордук тапталлаах, харыһыктаах, сааһынан саамай эдэр, кыра

Нууччалыы Младший, самый маленький в семье, пользующийся особым расположением, покровительством, находящийся на особом положении

  • Хара Дьаҕыл оҕонньор, дархан Маҥан Хопто эмээхсин сэттэ кыталык кыргыттарын ылгыннара Үрүлүйэр ньуурдаах Үрүҥ Чөмчүүк диэммин.
    И. Гоголев
  • Шура – эрдэ огдооботуйбут, тиийиммэт-түгэммэт олохтоох эмээхсин ылгын кыыһа.
    Н. Якутскай
  • Ол кыыс үтүө ыал ылгын оҕото үһү
    А. Сыромятникова

2 даҕааһын #

Толоругаһынан, истигэнинэн сөбүлэтэр (ким эмэ)

Нууччалыы Располагающий к себе исполнительностью, покорностью, являющийся фаворитом, близкий

  • Өссө Алдан куоратыгар сылдьан, бириискэ хаһыатыгар үлэлээбитэ. Нил Нестерович ылгын уола буола сылдьыбыта.
    Н. Босиков
  • Былаас сорудаҕа Дуняшаны кулуба ылгын оҕото буола сатыырга кыһайдаҕа. ХКК. Сол күн, ыам ыйын 1 күнүгэр, Гитлер ылгын киһитэ Борман диниэбинньигэр суруйбут: "Биһиги Импиэрискэй кэнсэлээрийэбит урусхалланан бүтэн эрэр"
    ХС

3 аат тыл #

суолт. ылгын чыкыйа диэн курдук. Оттон Такыйык оҕонньор ылгынынан кулгааҕын хаста. Амма Аччыгыйа.

Этиилэр

Бииринэн,

Устинов ылгынын ыга баттаата, – манна, бөһүөлэккэ, хаалар ыанньык сүөһү мэччирэҥэ кэҥээн, дэлэкээннээх абыраныа, үүтэ-аһа дэлэйиэ этэ дуо?

  • Ылгыным адьас тириититтэн эрэ иҥнибит. Итиитигэр буолан ыалдьарын да өйдөөбөппүн. Н. Кондаков

4 этии #

Ылгын сөмүйэ түөлбэ. – ылгын чыкыйа

Нууччалыы Мизинец. Оол хоту дьааҥыттан икки хара түһэн эрэр. Мантан көрдөххө тэбис тэҥнэр, ылгын сөмүйэ саҕалар. Ити Кууһумалаах Мотуруона. Эрчимэн. Ылгын ойоҕос көр ойоҕос. Икки ылгын таас ойоҕоһум, Икки уу сымсым, Икки эмиийим кэрэтэ, Икки эбир дьаҕыл ньилбэҕим ыарыйдылар. Саха нар. ыр. II. Биһиги сүүрдээччибит, өлүү буолаары гыммыт диэн ыксаан, Көмүс Кутуругу икки ылгын ойоҕоһун быһа кыбыйар. Күннүк Уурастыырап. Ылгын тарбах түөлбэ. – ылгын чыкыйа. Мизинец. [Омуоча] ампаарга тахсан туох ханнык иннинэ Ньургустаана тапталын бэлиэтин көмүс биһилэҕи ылан, ылгын тарбаҕар кэтэн кэбиспитэ. Аргыс-1. "Эһиги, пионердаах оҕолор, уон төрдүөҕүт", – диэн баран Жирков уҥа илиитин ылгын тарбаҕын бүк баттыыр. Н. Якутскай. Ылгын утаата түөлбэ. – аата суох тарбах. Безымянный палец. Ылгын уол – ким эмэ атыттартан чорботон ордук сөбүлүүр, эрэнэр киһитэ. Любимчик, фаворит. Баллай баай ылгын уолаттарынан Доодойу тараччы туттаран ылбыт. ҮҮА. [Нүһэр Дархан:] Умнума эн [үрдүк аналгын], ылгын уолум Киис Бэргэн! И. Гоголев. Мин куруутун этэрим, Быстахов өссө бэйэтин көрдөрүө диэн. Бииргит – ылгын уола, иккискит – күтүөтэ. Н. Лугинов. [Хаппытыан:] Ити дьиибэ киһи, ыал хамначчыта буолуон сөп этэ да, букатын атын. Кириллиннэр уруулара. Кинилэргэ ылгын уол буолан, ситэн-хотон сылдьар киһи. А. Сыромятникова. Ылгын чыкыйа (чыҥыйа) – киһи илиитин уонна атаҕын уһук кыра тарбаҕа. Мизинец. Кокоринов төбөтүн нөрүтэн, ылгын чыкыйатынан ыстакаанын тыгыалаан татыгыратта. А. Фёдоров. Таас сиидэтэ бэйэтэ туспа оҥоһуулааҕа. Түгэҕин киһи ылгын чыкыйатын саҕа суоннаах талаҕынан тиһэн, ыккардын 1 см кэриҥэ арытыалаан иҥиннэрбит буолара. МАП ЧУу. Ылгын чыҥыйа көр ылгын чыкыйа. Оттон [оҕонньор] ылгын чыҥыйатыгар күөрэгэй түһэн олорон, -- киэҥ хонуу туһунан ыллаата. Эҕэрдэ СС. Тарбахтартан аччыгыйа Чахчы ылгын чыҥыйа! Көрдөххүнэ – кэнники, Аахтаххына – инники! "ЭК". Ср. алт. ылгым ʽшустрый, отборныйʼ

«Ы» буукуба