Перевод с якутского
ньэлбэн
туохтуур
Нууччалыы есть с особым аппетитом; съесть без остатка
туохтуур
дьүһ. туохт. Амтаһыйан аһаа, ордорбокко сиэн кэбис
Нууччалыы Есть с особым аппетитом; съесть без остатка
Эһэ бултаан бүппүтэ. Ирдээн муспут кустарын ньэлбэнэн баран, тотон тыатыгар тахсыбыта. Далан [Эһэ] талах ыллыгын устун сиҥнэстэн иһэн, отонноох иһиттэргэ иҥнэ түһээт, бэлэм сугуну сиэн ньэлбэммитинэн барбыта.
Суорун Омоллоон"Доҕор, быарбытын хараардыах", - дэһистилэр иккиэн. Сылаас быары сиэн ньэлбэнэн кэбистилэр В. Миронов
Өссө холобурдар (3)
Дуоһуйа аһаабыккын биллэрэн салан-салбан. Θ После приёма пищи облизываться от удовольствия. "Үтүө да ас эбит!" - Ниндеманн, чахчы астыммыт киһи быһыытынан, уоһун ньэлбэммитэ. И. Федосеев Ыт топпута. Тумсун-уоһун ньэлбэммитэ, тыыллаҥнаабыта. ХС [Бөрөлөр] сылгылар диэки иҥсэрбиттии көрөллөр, сиэмэхтэр баара, өссө иҥсэлэригэр ньэлбэнэн ылаллар АХС